Page 90 - Саха тыла 5 кылаас
P. 90
кай, үөрэн, институт, убай, улахан. 4. Ыл, үчүгэй, мин,
сыана, саха тыла, дьыктаан.
Этии ис хоһоонуттан тутулуктанан, маннык араас-
танар-тииптэнэр: сэһэн, ыйытыы, соруйуу уонна күү-
һүрдүү. Хас биирдии тиип туспа суолталаах, анал ту-
туллаах.
Сэһэн этии ол-бу туһунан иһитиннэрэр, сэһэр-
гиир. Үлэ киһини киһи гыммыта.
Ыйытыы этиинэн билбэккин билээри ыйытаҕын.
Үлэ киһини киһи гыммыта дуо? Дьиэҕэ сорудаххын
киэһэ толорор инигин?
Соруйуу этии тугу эмэ гынарга соруйары бэлиэ-
тиир. Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн.
(Өс хоһ.)
Күүһүрдүү этии дьиктилээх: инники үс этии суол-
татыгар иэйии-иэйээн эбиллэр. Оччоҕо атын талбыт
тиип күүһүрдүү этиигэ кубулуйар. Ону анал бэлиэ
ыйар. Тэҥнээ: Эдэр саас кэрэ. — Оо, эдэр саас кэрэ-
тиэн! Ийэм кэллэ. — Ийэм кэллэ, иэхэйбиин! Сар-
даана сибэкки сандааран кэрэ. — Сардаана сибэкки
сандааран кэрэтин!
158. Этии кэннигэр туочука, ыйытыы бэлиэтэ эбэтэр
күүһүрдүү бэлиэтэ турар. Ханнык сурук бэлиэ-
тэ туттулларын этии тиибэ быһаарар. Холобур,
тэҥнээҥ:
Көмүс күһүн кэллэ.
Эн күһүнү таптыыгын дуо?
Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан алгыһын ыл!
Оо, үчүгэй даҕаны күһүҥҥү айылҕа!
90