Page 88 - Саха тыла 5 кылаас
P. 88
Хаххан албыннаабытын билэн, көтөрдөр хаайан кэби-
һэллэр. Аны ким хас оҕолоох барыахтааҕын дьүүллэһэл-
лэр.
Үгүрүөҕэ түөрт оҕону аныыллар. Онуоха үгүрүөлэрэ
кыыһыран турбут: «Маннык атаҕастаныах кэриэтэ, дьэ-
биннээх батаска батары түһэн өлбүт ордук». Онтон ыла
үгүрүө өрө көтөн тахса-тахса супту сурулаан түһэр буолта
үһү.
Байҕалы кыайан туоруо суох буолан хаалбыт көтөр
эмиэ элбэх. Кукаакы элбэх саҥалаах киһи, мин бу дой-
дуга олороо инибин диэбит. Мас көтөрө маһыгар хаал-
быт. Чыып-чаап эрэйдээх олоҕуттан уларыйбатах. Онтон
атыттар Кыдакка баран кыстыыр буолбуттар. (Норуот
остуоруйата)
88