Page 87 - Саха тыла 5 кылаас
P. 87
Биирдэ көтөр биис үтүөлүүн-мөкүлүүн мустан, улахан
айдааннаах мунньах оҥороллор. Дьүүллэһэн-дьүүллэһэн,
үчүгэй сири көрдөтө хахханы ыытарга быһаараллар.
Үс сыл ааспытын кэннэ хаххан дьэ тиийэн кэлэр. Уой-
бута-топпута сүрдээх, түүтэ-өҥө да көммүтэ бэрт. Бука,
үчүгэй сири булан маннык тубустаҕа диэн көтөрдөр сэ-
рэйбиттэр.
— Үс сыл усталаах-туоратыгар бэрт эрэйи көрдүм,
тоҥнум-хаттым. Бу биһиги дойдубут диэн баара дуо,
уонунан оччо хачаал, куһаҕан, ыраах сир эбит, — диир
хаххан.
— Дьэ оччоҕо биһиги өлөр-быстар ыйаахтаах буол-
лахпыт, — дэһэн көтөрдөр тарҕаһаллар. Оттон хаххан
эмээхсинигэр этэр:
— Үтүө оттоох-мастаах, кыһына суох итии салгыннаах
Кыдат дойдутун булан кэллим. Киһи айаныгар уһаабат
сирэ. Кимиэхэ да эппэккэ бэйэбит эрэ барыахпыт. Хата,
сыта-тура оҕолоргун бэлэмнээ.
87