Page 82 - Саха тыла 5 кылаас
P. 82
151. Хатыламмыт, бэлиэтэммит эбэтэр көтүтүллүбүт тыл-
лары тоҕоостоох синиэньиминэн солбуйуҥ.
Xос быһаарыы: Тиэкискэ сүрүн дьоруой аатын онну-
гар солбуйар аат (Аанчык, кыыс — кини; оҕолор — ки-
нилэр, бары) үгүстүк туттуллар. Ону тиэкис да синиэньи-
мин быһыытынан ааҕыллыбат.
I. — Мин сылабаарбын көрүөм, билигин тиийиэм. —
Тиэтэт, хайдах мааҕыттан оргуйбат иһитий? — диэн ба-
ран, Көлөпүнэ оҕустар диэки тиэтэйэ-саарайа хаама
турда. Дьонум туох да саҥата суох сукуһан турдулар. —
Биир саабыт ботуруона суох, иккиспит бөстүөнэ суох...
Нохоо, сааҕын көөртөрө дуо? — Көлөпүнэ сыттана сып-
пыта. (Николай Заболоцкай.)
Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: аҕам аах, тукаам, ула-
хан бандьыыт, Көнтөс Илии Уола, атына, тэрилий.
Xос быһаарыы: Тиэкискэ сүрүн дьоруой олоххо то-
лорор оруолун бэлиэтиир тыллары (холобур, Маша —
кыыс, оҕо, үөрэнээччи, үҥкүүһүт, сиэн, эдьиий, балыс,
дьүөгэ; күөрэгэй — ырыаһыт чыычаах; хатыҥ — кэрэ
үүнээйи, бөҕө матырыйаал, туһалаах мас) синиэньим
курдук туттуохха сөп.
II. 1. Петя эһэтин аахха куораттан күүлэйдии таҕыста.
2. Бастаан утаа Петя ойуур улаҕатыттан эһэ дуу, бөрө дуу
ойон тахсыа диэн дьиксинэр этэ. 3. Петя уол, кырдьыга,
отоннуур салгымтыалааҕын хайыы-үйэҕэ билэ охсубут
этэ. 4. Петя сарсыныгар ыаҕайатын тоҕонохтонон эмиэ
ойууругар тахсыбыта. (Василий Фёдоров)
Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: куорат уола, сиэн уол,
отонньут.
Хос быһаарыы: Тиэкискэ барамай, тыынар тыыннаах
ханнык көрүҥҥэ киирэрин бэлиэтиир тыллар (моон-
ньоҕон — кус; туллук — чыычаах; хотой — сиэмэх
көтөр; хатыҥ — мас; сардаана — сибэкки) синиэньим
82