Page 79 - Саха тыла 5 кылаас
P. 79

гуннаах Уйбаанчык бүгүн туохтан эрэ (бурайсан, кыы-
һырсан), оскуолаттан дьиэлэригэр тус-туспа бардылар.

        145. I. Бэриллибит тыллары көннөрү истиил — үрдүк ис-
               тиил диэн араараран быһаар.

    1. Махтан, баһыыбалаа. 2. Сөбүлээ, кэрэхсээ. 3. Өрү-
һүй, быыһаа. 4. Сылгы, Дьөһөгөй оҕото. 5.Үрдүк, мэҥэ.
6. Өрөгөй, кыайыы.

           II. Тиэкистэн үрдүк истиилгэ туттуллар тыллары булан,
           сүрүн истиилгэ сөп түбэһэр синиэньимнэрин булуҥ.

                         Анытын даҕаны
                         Аан ийэ дойдубун
                         Абааһы бииһиттэн
                         Араҥаччылыы туруом!
                 Бар дьоммун
                 Былаҕай айаҕыттан
                 Быыһыыр буолуом!
                         Сыспай сиэллээҕи сириэдитиэм,
                         Хороҕор муостааҕы хойуннарыам!
                         Сүүрэр атахтааҕы элбэтиэм,
                 Көтөр кынаттааҕы үксэтиэм!
                 Унаар буруобут охтубатын,
                 Оҕобут уйата тымныйбатын!
                 Уруй-тускуо! (Сергей Васильев)

         146. Синиэньим кэккэтиттэн көннөрү истиил — намы-
                 һах истиил уонна көннөрү истиил — үрдүк ис-
                 тиил ханыылары икки аҥыы бөлөхтөөҥ. Хас биир-
                 дии истиилгэ иккилии этиини толкуйдааҥ.

    Маҕаһыын — лааппы; үчүгэй — кэрэ; үрдүк — мэҥэ;
мөккүс — оспуордас; мэлдьи — мээр, кургуом; убаас-
таа — ытыктаа; өйдөөх — төбөлөөх; эҕэрдэ — уруй-айхал;

                                                                                                            79
   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84