Page 85 - Саха тыла 5 кылаас
P. 85
7. Синиэньим арааһын тарбахха баттаан ааҕыаҕыҥ эрэ.
Бэйэ-бэйэлэриттэн туох уратылаах буолалларый? Ону холо-
бурдаан кэпсиириҥ доҕотторгун интэриэһиргэтиэ. Биир бара-
майы, көстүүнү, өйдөбүлү араас тылынан бэлиэтиибит. Тоҕо?
Эн дьиктиргээбэккин дуо?
153. Түмүк сорудах. Тиэкиһи холкутук, ис хоһоонноох-
тук ааҕыҥ.
Көмүс күһүн барахсан тыаҕа, хатыҥ чараҥҥа, баа-
һынаҕа, хонууга дьикти кырааскатын биһитэлии охсу-
бут курдук. Хатыҥ чараҥ иһэ сып-сырдык, кэрэттэн кэрэ
дьүһүннэммит. Хатыҥ лабаатын аайы көмүс сэбирдэх
тэлибириир, күһүн иэйиилээх муусукатын иһиллиир
курдук. Тыал түстэҕинэ, хатыҥ сэбирдэҕэ көмүс ардах
түһэрин курдук таммалыыр. Ол аайы күһүҥҥү муусука
күүһүрэн кэлэр.
Оттон бааһына иһэ көмүс муора буолан долгуйа уста
сытар. Быйылгы күһүн бэлэҕэ — хойуу бурдук. Долгуйа
сытар бааһына устун комбайн устан иһэр, бурдугу хому-
йар. (Суорун Омоллоон)
1. Тиэкискэ ханнык уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма-
лар баалларын холобурдааҥ.
2. Бэлиэтэммит тыллар синиэньимнэрин булан суруйуҥ.
Суруйааччы синиэньим кэккэтиттэн тоҕо чопчу бэлиэтэммит
тыллары талбыта буолуой?
3. Тиэкистэн иһэ, иһэр диэн тыллары булуҥ. Олохторун
ыйан, лиэксикэлии суолталарын арааран тус-туспа этиҥ.
4. Сып-сырдык, кэлэр, түһэриҥ диэн тыллар онтуоньумна-
рын булан, ханыы тыллары үөскэтиҥ.
85