Page 104 - Саха тыла 5 кылаас
P. 104
193. Ыйытыы оннугар сөптөөх сиһилиини бэйэҕиттэн эбэн
уһул.
1. Мин (хаһан? ханна?) үөрэммитим. 2. Убайым (ха-
һан?) саахымакка күрэхтэһэ (ханна?) барбыта. 3. Биһиги
(хаһан? ханна?) бэтэрээннэри кытта көрсүһүүнү тэрийиэ-
ҕиҥ. 4. (Хаһан?) бастыҥ үөрэнээччилэр (ханна?) барал-
лар. 5. (Хаһан? ханна?) сулустар кэнсиэрдэрэ буоларый?
194. Бэриллибит тылы сиһилии быһыытынан этии аайы биир-
биир киллэр.
Оскуолаттан, дьиэбэр, сотору, түргэнник, сахалыы,
хонуунан.
195. Устуҥ. Сиһилиини аннынан тардыҥ.
Аларов, оройуон киинигэр интэринээккэ олорон, уон
кылаастаах оскуоланы быйыл саас бүтэрбитэ. Онтон
төрөөбүт холкуоһугар үлэлии, олоро кэлбитэ. Аатырбыт
булчут аҕата, уонча сыллаахха бу Чуукаар оҕонньору кыт-
та Ботуобуйа тыатыгар бултуу сылдьан, эһэҕэ баттатан
өлбүтэ.
Максим Чуукаар оҕонньору үчүгэйдик билэр. Букатын
кыра эрдэҕиттэн. Оҕото, кэргэнэ суох Чуукаар оҕонньор
өр кэмҥэ төрөөбүт түөлбэтиттэн сүтэ сылдьыбыта. (Лео-
нид Попов)
196. Бэриллибит сиһилиини туһанан, кылгастык кэпсииргэ
холонуҥ.
Бүгүн, стадиоҥҥа, үчүгэйдик, күрэхтэһии саҕаланыы-
тыгар, түргэнник тиийээри, бэркэ, дуоһуйа.
104