Page 105 - Саха тыла 5 кылаас
P. 105
197. Устуҥ. Этии чилиэнин болдьох бэлиэнэн аннынан
тардыҥ.
1. Оҕолорго улахан үөрүү буолла. 2. Үнүргү биэчэргэ
үчүгэйдик кыттыбыт оҕолор ордук үөрдүлэр. 3. Ол оҕо-
лордооҕор Артур ордук үөрдэ. 4. Артур үөрэ-көтө сырыт-
та. (Амма Аччыгыйа)
Ситимнээх саҥа
ТИЭКИС ТИЭМЭТЭ
Тиэмэни киэҥ уонна тэттик диэн араарыахха сөп.
Киэҥ тиэмэ этэр санаата элбэх, тиэкис кээмэйэ ула-
хан буолар. Тэттик тиэмэ үксүн биир этэр санаалаах,
тиэкис кээмэйэ дьоҕус. Киэҥ тиэмэ иһигэр хас да
тэттик тиэмэ баар. Тиэкис тиэмэтэ киэҥин эбэтэр
кыараҕаһын аатыттан билиэххэ сөп. Холобур: Са-
йыҥҥы сынньалаҥым (киэҥ тиэмэ). Бу тиэмэ иһигэр
хас да тэттик тиэмэ баар буолуон сөп. Күнү көрсүү.
Ыһыах. Өлүөнэ остуолбаларыгар. Бастакы оттооһун.
Өлгөм отон, о.д.а.
198. Тиэмэлэр ааттарын ааҕыҥ. Киэҥ эбэтэр тэттик тиэ-
мэ буолалларын быһаарыҥ.
Сайын. Бэс ыйа — сайын саҕаланыыта. Ыһыах — саха
бырааһынньыга. Оһуокай — ыһыах киэргэлэ.
Доҕордоһуу — улуу күүс. Мин доҕорум.
Кинигэ — билии-көрүү төрдө. Сөбүлүүр кинигэм.
199. Тиэкиһи аах, тиэмэтин быһаар, аатта толкуйдаа.
Ойуурга көтөрдөр уонна кыыллар бэйэлэрэ туспа
мэндиэмэннээхтэр. Кутуйахтар саамай аллара хорооҥҥо
105