Page 117 - Саха тыла 5 кылаас
P. 117

Икки бастакы этии кырамаатыкалыы олоҕо хаһый? Үһүс
уонна төрдүс этиилэр хастыы кырамаатыкалыы олохтоохто-
руй? Холбуу этиигэ хас судургу этии баарый?

           Икки судургу этиилээх саҥа кэрчигин холбуу этии
       дэнэр. Холбуу этии, син биир судургу этии курдук,
       бэйэтэ туспа интэнээссийэлээх. Холбуу этиигэ кии-
       рэр хас биирдии судургу этии бэйэтэ туспа туһаан-
       наах, кэпсиирэлээх. Күн таҕыста, чыычаах ыллаата.

           Холбуу этиигэ киирэр судургу этиилэр үксүн соп-
       путуойунан арахсаллар.

 225. Уһул. Холбуу этии туһааннарын уонна кэпсиирэлэрин
         аннынан тарт. Этиилэр оҥкулларын оҥор.
            Òîëîðóó õîëîáóðà: Эмискэ күүстээх тыал түстэ,
       этиҥ эттэ, чаҕылҕан чаҕылыйда.

                  1 ,—— 2 ,—— 3 .

    1. Куобах кулгааҕын хоротон иһиллээбит, колобуок
ыллаабыт. 2. Хараҥа түүн ааста, күн үөһэ ойдо. 3. Ос-
туоруйаҕа: дьадаҥы — кыайар, мөлтөх — күүһүрэр, акаа-
ры — өйдөнөр, дьүдьэх — киэркэйэр. (Амма Аччыгыйа)

226. Уһул. Холбуу этиигэ сурук бэлиэтин туруор.

1. Сырдык күммүт тыкпыт         2. Манна, ойуур иһигэр,
    Сылаас кыымын ыспыт             Чыычаах ыллыыр
    Итии-куйаас түспүт                                     күн көрөр.
    Ийэ-сайын күлбүт.
                                    (Пантелеймон Тулааһынап)
          (Күннүк Уурастыырап)

                                                 117
   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122