Page 119 - Саха тыла 5 кылаас
P. 119

йаларыгар да маарыннаабат. Саха сылгыта аһаҕас хал-
лаан анныгар үөскүүр. Хахсааттаах халлааннаах хоту
дойдуга хаһан аһаан сыл тахсар. Кылгас сайыҥҥа
уойар-тотор. Саха сылгыта ынах сүөһү курдук үгүс кө-
рүүтэ-харайыыта суох үөскүүр. Айылҕаҕа төрүүр-ууһуур
буолан, түүтэ чулуу хаачыстыбалаах, этэ уонна үүтэ эм-
тээх. (К. Гурьев)

     Холбуу этиини ырытыы оҥкула (бэрээдэгэ)

    1. Ханнык этииний?
    2. Хас судургу этиилээҕий?
    3. Судургу этиилэр тутаах чилиэннэрэ.

                   Тылынан ырытыы холобура

    Баай дьадаҥыны аһыммат, дьадаҥы баайы аһыммат.
    Сэһэн этии, холбуу этии, икки судургу этииттэн турар.
Этии тутаах чилиэннэрэ: баай аһыммат, дьадаҥы аһым-
мат.

                  Суругунан ырытыы холобура

    Баай дьадаҥыны аһыммат, дьадаҥы баайы аһыммат.
(Сэһэн, холбуу, икки судургу этиилээх).

         230. Бу этиилэри тылынан уонна суругунан ырыт.

    1. Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сы-
мыйа ыттыбат. 2. Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы
көрөр. (Өс хоһоонноро.)

231. Бэриллибит оҥкулунан холбуу этиитэ оҥоруҥ.

1. 1 ,—— 2 .      2. 1 —д—а,— 2 .

3. 1 , уонна 2 .  4. 1 , оттон 2 .

                                                 119
   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124