Page 118 - Саха тыла 5 кылаас
P. 118

227. Холбуу этиигэ туттуллубут ситим тылы уонна сурук бэ-
         лиэтин быһаарыҥ.

    1. Уҥуор отуу көстөр уонна ыт үрэр. 2. Быстах ардах
ааста да, күн чаҕылыччы көрдө. 3. Эдьиийим оҕо көрөр,
оттон убайым оһоҕун оттор. 4. Оҕолор миэстэлэригэр
олордулар, онтон учуутал кылааска киирдэ.

 228. Холбуу этиигэ сурук бэлиэтин туруор. Тутаах чилиэни
         бэлиэтээ.

    1. Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор хойутаан турбут
чыычаах хараҕын хастар. 2. Үгүс тыл сымсах аҕыйах тыл
минньигэс. 3. Биһиги да алааспытыгар өтөн үөтүө кэҕэ
этиэ күөрэгэй ыллыа. 4. Халыҥ хайдыбат суон тостубат.
5. Таптыыртан харах арахпат ыалдьартан илии арахпат.
(Өс хоһоонноро)

 229. Дьыктаан.
                                     САХА СЫЛГЫТА

    Аан дойдуга билигин икки сүүс биэс уонтан тахса
тус-туспа боруода сылгы баар. Саха сылгыта олорго ха-

118
   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123