Page 144 - Саха тыла 5 кылаас
P. 144

араастык этэри сурукка отонньут, манньа, далаһа,
       хайдах диэн суруйабыт.

           Тылы холбуу эбэтэр тус-туспа суруйуу, кыра, ула-
       хан буукубаны туттуу, тылы көһөрүү — барыта арпа-
       гыраамаҕа киирэр.

 ! Биири өйдүөххэ: арпагыраама тыл аайы баар буолбат. Хо-
       лобур, кэл, ыл, бар, тут, кус курдук тыллары мунааҕа суох
       суруйуллар. Онон ити тылларга арпагыраама суох.

         266. Арпагыраамалаах тыллары бул уонна быһаар.

    Сүүрэр, тутар, быс, сыппыт, оонньуур, төбө, кылгас,
сып-сырдык, Кириэмил, Тулагы Киллэм, ынах, сылгы, ха-
тыҥ, солуурчах, луук, суумка, балтым, кинигэ, тииҥ.

        52 §. Арпагыраапыйа суолтата

            Тиэкиһи ирдэбили тутуһан дорҕоонноохтук аах. Кэп-
       сииргэ бэлэмнэн.

            1. Сурук-бичик — омук олоҕун-дьаһаҕын биир кэрэ
       көстүүтэ, култууратын боччумнаах сорҕото. Онон ар-
       пагыраапыйа норуот төрүт култууратыгар сыһыаннаах.
       Тыл култууратын чөл гынарга, үрдэтэргэ көмөлөөх.

            2. Арпагыраапыйа киһи санаатын чуолкайдык, бэр-
       гэнник этэригэр көмөтө улахан. Холобур, дьон араас-
       тык саҥарарын барытын сурукка тистэххэ, бутуур тах-
       сыа, өйдүүргэ мунаах, ыарахан буолуо этэ.

            3. Арпагыраапыйа оҕону төрөөбүт тылыгар үөрэтэр-
       гэ өҥөлөөх. Бодоруһуу, кэпсэтии биир көрүҥэ сурук
       буоларынан, сөпкө суруйуу ирдэнэр. Таба суруйуу кы-
       таанах ирдэбилэ үөрэнээччи ийэ тылыгар ытыктабыл-

144
   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148   149