Page 53 - Саха тыла 5 кылаас
P. 53

түстэ. Оҕолор... 4. Бүгүн бэһис уруокка саҥа айымньы-
ны аахтыбыт. Ол ... 5. Убайым Леонид «Азия оҕолоро»
V спортивнай оонньууларга ситиһиилээхтик кыттыбыта.
Убайбар ...

         97. Этиилэри аах. Икки этиини ситимниир кыбытык
                 тылы өйдөө, туох суолтаҕа туттуллубутун быһаар.

    1. Былыт бөҕө тахсыбыт. Арааһа, түүн ардыыра буо-
луо. 2. Мин эйиэхэ сүбэлээри гынабын. Биллэн турар,
ылынарыҥ, ылымматыҥ бэйэҥ көҥүлүҥ. 3. Учууталбыт
сөпкө этэр. Кырдьык даҕаны, киэһээҥҥэ диэри кэтэһэ
түһүөх баара. 4. Ол дьонуҥ массыыналара бадарааҥҥа
түһэн хаалбыт үһү. Дьолго, утары тыраахтар тиийэн кэл-
бит. 5. Дьулус бэҕэһээ мунньахха тыл эппитэ. Мин санаа-
бар, онтон туох эмэ уларыйара саарбах.

         98. Сөптөөх сиргэ сурук бэлиэтин туруор, тиэкиһи сал-
                 ҕаа.

    Уһун кыһын кэнниттэн самаан сайын кэлиитэ кэрэ кэм
тула күп күөх күн уота көмүс аалыытын курдук күөх унаар
халлааҥҥа сандаарар күөрэгэй чыычаах дьирибиниир
кэрии тыа кэтэҕэр кэҕэ этэн чоргуйар биһиги оҕолор
көҥүл көччүйбэхтээн хаалабыт

 99. Сыыһаларын көннөрөн уһул, тиэкискэ этиилэр ханнык
         ситиминэн холбоспуттарын быһаар.

    Кыра титириктэр лабааларын хаар бүрүйэ түспүтэ
куобах соннох курдук лөглөһөн тураллар. Мин харынан
бүрүллүбүт мастах ойуру кэрийэбин. Кэрэтэ, үчүгэйэ бэт!
Ол сылдьан куобах суола таҥалай үктэбитин көрөбүн.
Мин аны кубах суолун батыһабын. Куобах хана сытарын
булухпун баҕрабын. Куобаҕым, отон укктарын хаар аныт-

                                                                                                            53
   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58