Page 52 - Саха тыла 5 кылаас
P. 52
Тыл
Тыс
Лиэксикэлии суолтата Кырамаатыкалыы суолтата
Сүөһү, кыыл атаҕын Аат тыл, биир ахсаан,
тириитэ төрүт түһүк
94. Биир кэккэни талан, бэриллибит тыллар лиэксикэлии
уонна кырамаатыкалыы суолталарын быһаар.
1. Сугун, хаҥкылаа, кэрэ. 2. Күөрэгэй, сибигинэй,
ыраас. 3. Хатыыс, дьулус, эйэҕэс. 4. Биэ, утуй, хорсун.
5. Ырыаһыт, уһугун, эдэр. 6. Сонун, үөрэн, сайаҕас.
95. «От үлэтэ» диэн тиэмэҕэ бэриллибит тыллар ситимнэ-
рин туттан тиэкистэ оҥор.
Аламай күн сардаҥата. Өҥүрүк куйаас. Арылы тиэрбэс
көлүччэ. Күөх быйаҥы сомсорго. Бугул бөҕө кэчигирээтэ.
Ситимнээх саҥа
Тиэкискэ этии ситимэ
96. Этиини ситимниир араас ньыманы туһанан иккис этии-
ни салҕаан суруй, ханнык ситими туһаммыккын быһаар.
1. Мин ийэм Москубаҕа университекка үөрэммитэ.
Ийэбиттэн ... 2. Көмүс күһүн барахсан тыаҕа, хатыҥ ча-
раҥҥа, бааһынаҕа, хонууга дьикти кырааскатын биһи-
тэлии охсубут курдук. Мин ... 3. Маҥнайгы хаар үллүктүү
52