Page 39 - Саха тыла 5 кылаас
P. 39

! Хоһуласпыт бүтэй дорҕооннор тылы сүһүөхтүүргэ икки
     аҥыы арахсаллар.
         Холобур: от-топ-пут-тар, ач-чап-пыт-тар, туп-пут-
     таах, ат-там-мыт-таах.

         19 §. Тиэкискэ этии ситимэ

          Сэргэстэһэ турбут этии барыта тиэкис буолбат.
     Этии бэйэ-бэйэтин кытта тылынан-өһүнэн, ис хоһоо-
     нунан ситимнэстэҕинэ эрэ тиэкис буолар.

         Тиэкискэ этиилэр субуруччу уонна кэккэлэһэр икки
     араас ситиминэн холбоһоллор.

         Этиилэр ис хоһооннорунан бэйэ-бэйэлэригэр ти-
     рэҕирэн, утуу-субуу сааһыланар буоллахтарына, су-
     буруччу ситим дэнэр. Субуруччу ситимҥэ маҥнайгы
     этии кэнниттэн 2-с, онтон 3-с, 4-с, 5-с, 6-с, ... сурул-
     луохтаах. Этии утуу-субуу бэрээдэгэ кэһилиннэҕинэ,
     этэр санаа өйдөммөт. Субуруччу ситими маннык көр-
     дөрүөххэ сөп:

                1234

       77. Этии субуруччу ситиминэн бэриллибитин дакаас-
                таа.

          Хабырыыс эһэтэ Сэмэн оҕонньор — ааттаах мас
     ууһа. Кини быйыл сайыны быһа оскуолаҕа паарта
     оҥордо. Паарталарын кыраасканан ньалҕаарыччы со-
     тон баран, кылбаарыччы лаахтаан кэбистэ. Үөрэх буо-
     луон ыраах иннинэ паарталарын оскуолаҕа туттарда.
     Учууталлар кини үлэтин улаханнык хайҕаатылар. Бары
     илии тутуһан баһыыбалаатылар.

          Сэмэн оҕонньор үчүгэй паарталары оҥорбутун иһин

                                                                                                          39
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44