Page 31 - Саха тыла 5 кылаас
P. 31

15 §. Бүтэй дорҕоон аһаҕас дорҕоон
       сабыдыалынан солбуллуута

    Ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕооннор: [к], [п], [с],
[т], [х], [ч] — аһаҕас дорҕооннор сабыдыалларынан
ньиргиэрдээх [г], [б], [һ], [д], [ҕ], [дь] бүтэй дор-
ҕооннорго уларыйаллар. Кинилэри ханыылаһар
бүтэй дорҕооннор диэн ааттыыллар.

    Онон [к] — [г], [п] — [б], [с] — [һ], [т] — [д], [х] —
[ҕ], [ч] — [дь] — ханыылаһар бүтэй дорҕооннор.

    Холобур: сурук — суругум, сап — сабым, саас —
сааһым, түөрт — түөрдүм, харах — хараҕым, олор-
чу — олордьу, чэҥкир — дьэҥкир.

64. Уларытан суруйуҥ. Холобур: кыстык — кыстыгым,
       туус — тууһум.

         Тайах —    кулууп —
         сурук —    тымтык —
         сындыыс —  сулус —
         сурах —    ыскаап —
         сыттык —   кымыс —

65. Аһаҕас дорҕоон түспүт, бүтэй дорҕоон ньиргиэрин сү-
       тэрбит тылларын ситэри суруйуҥ. Холобур: тубус —
       тупсуу, аҕын — ахтыы.

Эһин —   тэбис —    тоҕун —   тоһун —
хабыс —  кигис —    кэҕин —   уһун —
эбис —   үгүс —     быһын —   сыһын —
         оҕун —

                                       31
   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35   36