Page 29 - Саха тыла 5 кылаас
P. 29

60. Икки тиэкиһи аах, хайата тиэкис буоларын, буолбатын
         быһаар:

                                            I

    1. Күнүскү чэйбитин иһээри отуубут күлүгэр сөрүүкүү
олордубут. 2. Сырылатан түһэн куйаас да куйаас! 3. Үлэ-
лии сырыттахпытына, ийэ-хара көлөһүммүт сарт түһэр.
4. Кумаары, оҥоойуну киһи аахсыбат. 5. Күлүмэнэ да
наһаа. 6. Сыгынньах эккин быһа ытырдаҕына, кыһыйа-
кыһыйа логлоруттан тахсар. (Иннокентий Сосин «Ойуурга
моҕотой угуйар»)

                                            II

    1. Кинигэ — билии-көрүү төрдө. 2. Мин кинигэни би-
билэтиэкэттэн уларсан ааҕабын. 3. Аҕам убайбыныын
от охсоллор, оттон эдьиийим ийэбиниин хаптаҕастыыл-
лар. 4. Сайыҥҥы куйаас күн дэриэбинэҕэ киһи-сүөһү
аҕыйыыр, бары окко бараллар. 5. Үс Хатыҥҥа буолбут
ыһыахха киһи-сүөһү бөҕө тоҕуоруспута. 6. Күнү көрсүү
сиэрэ-туома олус бэркэ ааспыта.

              14 §. Бүтэй дорҕооннор

           Бүтэй дорҕооннору хайдах үөскүүллэринэн көрөн,
       ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох диэн араарал-
       лар.

           20 бүтэй дорҕоон үөскүүрүгэр уос, мурун көҥдөйө,
       айах иһинээҕи саҥа уорганнара кытталлар.

           Ньиргиэрдээх бүтэйдэр: [б], [г], [ҕ], [д], [дь],
       [й], [u˜,] (мурун й дорҕооно), [л], [м], [н], [ҥ], [нь],
       [р], [һ] — 14 дорҕоон. Балар тыастан уонна куоластан
       үөскүүллэр.

                                                                                                            29
   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34