Page 20 - Саха тыла 5 кылаас
P. 20
10 §. Аһаҕас дорҕооннору наардааһын
Саха тылын аһаҕас дорҕоонноро айах иһигэр туох
да мэһэйэ суох этиллэллэр.
47. Салгыы ааттаталаа: [а], [аа], [о], [оо]...
Аһаҕас дорҕооннор кылгас, уһун диэн араастаах-
тар. Кылгастар [а], [и], [о], [ө], [у], [ү], [ы], [э];
уһуннар [аа], [ии], [оо], [өө], [уу], [үү], [ыы], [ээ].
Кылгас уонна уһун аһаҕас дорҕооннор тус-туспа суол-
талаахтар, этиллэр кээмэйдээхтэр.
48. Тэҥнээ. Суолталарын быһаар.
Тас — таас, тис — тиис, тур — туур, үр — үүр, сыс —
сыыс, кэс — кээс.
49. Аһаҕас дорҕоону уһатыылааҕынан солбуйдахха, туох
уларыйыы тахсарый? Этиилэрдэ толкуйдаа.
Ас — аас мас — маас күлүк — күлүүк
ат — мус — сүтүк —
ыт — быс — кырыс —
үт — сүр — ытыс —
ис — тис — сити —
Киэҥ, кыараҕас аһаҕас дорҕооннор
Киэҥнэр Кыараҕастар
[а], [аа], [о], [оо], [и], [ии], [ү], [үү],
[э], [ээ], [ө], [өө] [ы], [ыы], [у], [уу]
20