Page 139 - Саха тыла 7 кылаас
P. 139
Өй хаата. Улахан өйдөөх.
Өрөөбүт уоскун өһүл. Кэпсээ, сэһэргээ.
Саарытын астарбыт. Кэһэйбит, тоһун ылбыт.
Саа тэбэр сиригэр киллэрбэтэ. Олох чугаһаппата.
Санаа курдук. Бэрт кыратык.
Саргы сатаҕай. Олус ыһыллаҕас.
Сир саарбах. Хайатыгар да сөп түбэспэт.
Сир түннүгэ киһи. Улахан өйдөөх, билиилээх, бөлүһүөк киһи.
Суор (саһыл) хараҕын сиэбит (киһи). Аҕыйахтык утуйар, эрдэһит
киһи.
Сүөм түстэ. Санаата түстэ, хомойдо, мунчаарда.
Сыппах быһаҕынан сулуй (быс). Ааспакка-арахпакка саҥаран, этэн-
мөҥөн таҕыс.
Сытар ынаҕы туруорбат (киһи). Сымнаҕас, көрсүө, сэмэй.
¤уу-һаа буол. Солуута суох түбүгүр, айман.
Таала кырыыланар. Кыыһырар, абаланар, өстүйэр.
Тилэҕэ хараарда. Куотан хаалла.
Тииҥ мэйии. Кыраны да умнубакка өйдүү сылдьар киһи.
Тула сүүрэн хаалла. Тугу да гынар кыаҕа суох буолла.
Тумсун дулҕаҕа соттор. Мэлдьэһэр, билиммэт.
Тутум үрдээ. Улаханнык үөр, дэбдэй.
Түс-бас киһи. Дьоһуннаах, наҕыл, толкуйдаах киһи.
Түүлээх уллуҥах. Түөкүн, уоруйах киһи.
Тыҥалааҕы тыыннарбат. Кинини утары саҥарары сөбүлээбэт, ончу
тулуйбат.
Уйатыгар уу киирдэ. Ыксаата, куттанна.
Уоспутунан үллэстиэҕиҥ. Кими да матарбакка, тэҥҥэ үллэрэн, тута
аһаан кэбиһиэҕиҥ.
Уот ылар курдук. Ыксалынан, тиэтэлинэн, түргэнник.
Устар ууну сомоҕолуур. Ураты уус тыллаах.
Үрдэр антах, өҕүрүйдэр бэттэх. Эппит хоту сылдьар чэпчэки киһини
этэллэр.
Үөһэ тэстэр. Сөбүлүүр, көнньүөрэр, санаата табыллар, үчүгэй майгын-
нанар, аламаҕай буолар.
Хабарҕата хайдыаҕынан. Күүһүн муҥунан, туох баарынан хаһыырар,
саҥарар, ыллыыр.
Хабахха тыыннарар. Баттаан, атаҕастаан, тууйа тутар.
Хайыҥ охсунар. Хойут бэйэтигэр куһаҕан буолуох туохтан эмэ сэ-
рэнэн, онтон быыһанарга, куотарга бэлэмнэнэр.
Халбас хара (харата). Туохха да таба ылларбат, туттарбат, халбархай,
эрэлэ суох.
Харах бэстээх. 1. Мэник, дьээбэ оҕону сэмэлээн этии. 2. Иҥсэлээх,
ымсыы, куһаҕан санаалаах.
139