Page 138 - Саха тыла 7 кылаас
P. 138

Икки илиилээх (уус). Киһитинэн көрөн биитэр үчүгэй, биитэр куһаҕан
гына оҥорор.
Иккитинэн истибэт. Истиэн төрүт баҕарбат.
Илиигэр ыл. Салай, баһылаа-көһүлээ.
Илиитэ барбат. Оҥоруоҕун куттанар, саллар.
Илиитэ сыстар. Сатыыр, үөрүйэхтэнэр.
Илин-кэлин түс. Ньыла көт, албыннас.
Ис миинэ киһи. Эйэҕэс, үчүгэй киһи.
Иһигэр киллэрбэт. Сөбүлээбэт.
Иһэ тымныйар (буһар, үллэр). Абарар, кыһыйар, абааһы көрөр.
Иһэ хайда сыста. Олус кыыһырда, абарда.
Иттэ барыта. Сэнээн этии.
Иэдэс биэрэр. Сөбүлээбэт, кэлэйэр, утары хайыспат.
Иэнин хастаа. Таһый, үөрэт, өйдөт, кэһэт.
Иэнэ кэдэҥниир. Олус куттанар.
Иэс боруос (бороос). 1. Иэс төлөннө. 2. Өс ситиһилиннэ.
Киһи гыммат. Тулуппат, киһилээбэт, аа-дьуо хотор.
Киһи сирэйин (хараҕын) таба көрбөт. Кыбыстар, саатар, дьулайар.
Киһи тыла хонор. Ким эрэ туһунан куһаҕан кэпсээн, хоп-сип тарҕанар.
Киһи тылын уйбат. Истиэн баҕарбат, кыыһырар.
Киэҥ көҕүстээх. Холку, ыксаабат, уолуйбат.
Көмүс тарбах. Олус уус киһи.
Көрбүт хараҕын симмэтэ. Ончу утуйбата.
Кураанаҕы куустарда. Албыннаата.
Кураанаҕы эрдэр. Мээнэ саҥарар.
Кутуйах иинин кэҥэтэр. Куттанан, уолуйан хайыан да булбат.
Күн бүтэйинэ. Күн тахса илигинэ.
Күппүлүү барда. Букатын эһиннэ, быһынна, хоттордо.
Күөх оту тосту үктээбэт (киһи). Көрсүө, сытыары-сымнаҕас (киһи).
Күүгэн айах. Олус омуннаан кэпсиир киһи.
Кыл тыынынан. Ыксалынан, бэрт түргэнник (сылдьыы).
Мааһын тап. 1. Сатаа, дэмин бул. 2. Сөбүлэт.
Маҥай аллаах. Олус сэнээн, атаҕастаан этии.
Муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан. Харса суох тыллаах, бар-
дам, киһиргэс.
Мутугунан быраҕар муҥур үйэ. Киһи кылгас үйэтэ.
Наар аанньа буолар. Куһаҕан үөһэ куһаҕан буолар.
Оҕо оонньуута буолбатах. Кыра дьыала буолбатах, дьоһуннаах дьыала.
Омурдун (эрэ) абырахтыыр. Сымыйалыыр, дарбатар, үлүннэрэр,
омуннуур.
Орох тэппит. Элбэхтик сылдьыбыт.
Өйгүн-төйгүн бул. 1. Уоскуй, айманыма, ыксаама; тугу гынаргын бастаан
толкуйдаан көр. 2. Мэник, акаары, чэпчэки быһыыгын уурат, түспэтий.

138
   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142   143