Page 133 - Саха тыла 7 кылаас
P. 133

СИНИЭНЬИМ КЭККЭТЭ

     Аа-дьуо, аат эрэ харата, сыыйа-баайа, бытаан, дайҕа, наҕыл, сыыл-
ба, уһаарба.

     Аар, күбэй, ытык, сүдү, улуу.
     Аар-маар, акаары, маалгын, өйө суох, аҥатах, аҥала, далаҕа, ака-
а-макаа, хоҥ мэйии.
     Аартык, дабаан, сыыр, оспуос.
     Аас, маҥан, үрүҥ.
     Аат, сурах, чиэс, соло.
     Аат (ад), аат айаҕа, аллараа дойду, үөдэн, үөдэн түгэҕэ, үөттүгэн,
өлөр өлүү.
     Ааттас, көрдөс, сүгүрүй, хоҥкуй.
     Аахай, ахсар, кыһан, баардылаа, хоҥоруугар хоннор, болҕой.
     Абааһы, көстүбэт, куһаҕан тыын, илиэһэй.
     Абыраа, быыһаа, көмүскээ, өрүһүй, күн буол, толук түс, аһын,
араҥаччылаа, харыһый, харыстаа, харааннаа, харай.
     Аламаҕай, элэккэй, эйэҕэс, дьэллэм, сайаҕас, ыллам, ылбаҕай,
ыгым-улгум.
     Баа, сэмэ, буруй, суҥха.
     Баай, баай-дуол, байылыат, баай-тот, үп-ас, үп-баай, үп-харчы.
     Баай, бастаах, тойон.
     Баай, эрий, кэлгий.
     Баайыы, түрбэ, түүтэх.
     Баайыы, өрүү.
     Баал, долгун, балхаан, балкыыр, дьалхаан, дьалкыыр.
     Баҕана, тулааһын, остуолба, өйөбүл, аҥабыл, тирээбил.
     Баҕар, умсугуй, көҕүй, үлүһүй, тууһур, имэҥир, мэҥий, суудай, хоһу-
лай, ыллар, тартар, тардыс, талас, дьулус, ымсыыр, дураһый, иҥээҥнээ.
     Бадараан, дьэбэ, дьэбэрэ, дьуоҕа, бырыы, бадылҕах.
     Бардам, дохсун, баламат, халырыын.
     Бастакы, маҥнайгы, пиэрибэй, инники.
     Бастыҥ, чулуу, талыы.
     Биирдэ, соҕотохто, эмискэ, эмискэччи.
     Бил, сабаҕалаа, сэрэй, таай, анаар.
     Бочоох, собо, чэркэ, быччыкы.
     Буой, тохтот, борой, уурат, саба саҥар, такай, торут, дьарый.
     Дабай, өрө таҕыс, ытын.
     Дагдай, күөрэй, көп.
     Дакаастабыл, туоһу, кэрэһи.
     Дойҕох, лахсыыр, лабаҥха, лэбэй.
     Долборук, күкүр, сургуй.

                                                                                                          133
   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138