Page 129 - Саха тыла 7 кылаас
P. 129

өйдөбүл баар. Ол эрээри, олох чахчыта көрдөрөрүнэн, кинини дьыс-
саакка уонна оскуолаҕа үөрэтии-иитии наар нууччалыы бардаҕына,
үгүс ыччат төрөөбүт тылыгар төннүбэт турукка киирэр эбит. Ити
иитии туһунан эттэххэ.

    Оттон төрөөбүт тылбытын оскуолаҕа үөрэтии туһунан этэр буол-
лахха, кыайан быһаарыллыбакка сылдьар уустуктар уонна үөскүү-
төрүү турар ыарахаттар, дьиҥэ, аҕыйаҕа суохтар. Бука, оннук буо-
луохтааҕа да буолуо. Улахан судаарыстыба иһигэр олорор кыра омук
тылын кыһалҕатын туһунан куолулаан бардахха, бүтэр уһуга өтөрүнэн
көстүө суоҕа. Оҕо төрөөбүт тылын билиитин таһымын быһаччы учуо-
бунньук оҥоһуутуттан, учуутал үөрэтиититтэн, тыл уонна литэрэтии-
рэ биридимиэтин хааччыйыыттан тутулуктаах диэтэллэр, сүрүнэ,
биһиги барыбыт төрөөбүт тылбытыгар сыһыаммыт быһаарар оруол-
лааҕа буолуо дии саныыбын. Ол курдук, төрөөбүт тыл биридимиэ-
тин аахайбат, ахсарбат, олоххо оччо туһата суох диир сыһыан
үөрэнээччигэ бэриллэр. Дьиҥэр, төрөөбүт тылы билии биһиги омук
быһыытынан сайдыыбыт, кылаабынайа, омук быһыытынан тыыннаах
буолуубут, бу Орто дойдуга уһун уоту оттуубут сүрүн усулуобуйата
буолар. Онон төрөөбүт тылбытын таптыах, кинини олохпут сүрүн
үөрэҕэ диэн иһирэхтик сыһыаннаһыах тустаахпыт.

        1. Көмө саҥа чаастарын (дьөһүөлү, ситим тылы, эбиискэни, сы-
             һыан тылы) тус-туспа испииһэктээ. Суолталарын быһаар.

         2. Эбиискэ үөскээбит төрүтүнэн уонна суолтатынан арааһын ту-
            һунан кэпсээ.

        3. Сыһыан тыл суолтатынан арааһын туһунан кэпсээ.
         4. Дьөһүөл үөскээбит төрүтүнэн уонна суолтатынан арааһын ту-

             һунан кэпсээ.
         5. Ситим тыл үөскээбит төрүтүнэн уонна суолтатынан арааһын

             туһунан кэпсээ.
         6. Тиэкискэ туттуллубут сурук бэлиэтин быһаар.
         7. Тиэкис ис хоһоонун туһунан кэпсэт.

                                                                                                          129
   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134