Page 132 - Саха тыла 7 кылаас
P. 132
Өнөр. Түргэнник улаатымтыа, торолуйумтуо.
Саалыр. Харатыҥы сиэллээх, кутуруктаах саһархай бороҥ (сылгы дьүһүнэ).
Саар тэгил. Орто уҥуохтаах бигэ-таҕа, модьу быһыылаах (киһи).
Саһаан, эргэр. Уста кээмэйэ, 2,134 м тэҥ (сажень).
Сарыал. Күн сарсыардааҥҥы, киэһээҥҥи сардаҥалара. Кытархай уот.
Силгэ. Киһи-сүөһү уҥуохтара сүһүөхтэринэн холбоһууларын тутар иҥиир.
Силээн. Сис тыаттан үрэх, өрүс кытылыгар киирэр, сайын кууран, кы-
рыһырар ыарҕалаах аппа сир.
Симиир, эргэр. Убаҕас аһы кутар үөһэнэн суптугур хончоҕор тирии
иһит. Аллара кымыстаах симиир иһиттэр тураллар.
Сурт. Көс олохтоох дьон быстах кэмҥэ тохтоон, олорон ааһар олохто-
ро. Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх.
Сыымах. Кыралаан, сыыйан курдук, өлгөмө суох.
Таай. 1. Киһиэхэ ийэтин аймаҕа эр киһи. 2. Тугу эмэ таай, билгэлээ.
Тааҥ. Күөл, үрэх мууһун үрдүнэн халыйбыт уу.
Таталҕа. Ындыыны бүтүннүүтүн үрдүнэн быанан бобо тардан кэлгийии.
Торҕо, эргэр. Күөх өҥнөөх таҥас.
Туона. Муҥханы биирдэ түһэрии устата (тоня).
Туут. Хоччорхой түүлээх тириинэн бүрүллүбүт кэтит хайыһар. Тыаҕа
туут хайыһарынан сылдьан бултуубун.
Тумара. Тайҕа ортотугар талахтаах киэҥ маар сир.
Түҥүр. Күтүөт эр дьон аймахтара. Аҕам түҥүрэттэригэр барда.
Убаһа. Күһүн хаар түһүүтүгэр тиийбит кулун (биирин туолуор диэри).
Уккунньах. Уокка умуллан хаалбатын диэн, уган кэбиһэр улахан мас
(хол. чөҥөчөк, дүлүҥ).
Уучах. Мииниллэр таба.
Уччуй. Дойдугуттан эбэтэр дьиэҕиттэн мээнэ ускул-тэскил сырыт.
Үөй. Өйгүнэн тобул, санааҕар оҕустар.
Үөрэҕэс. Туох эмэ (мас, улахан балык) туора быһыллыбыта.
Үөттүрэх, эргэр. Оһох уотун булкуйар мас.
Үтүрүм. Икки эбэтэр хас да сыл субуруччу төрөөбүт ынах.
Хампа, эргэр. Кытайга оҥоһуллубут солко, күндү таҥас (канфа).
Хараан. Олус чуумпу уонна сылаас (сайыҥҥы киэһэ, түүн).
Хордоҕой. Уһун ньолбуһах, үрдүк хонуу сир.
Хорчуоппа, түөлбэ. Ыһыахха олохтоохтор аһы-үөлү тэрийэн атыылаа-
һыннара.
Чаадай. Кыайан улааппатах олус намыһах уҥуохтаах киһи (үксүгэр
үөҕэн этэргэ).
Чаан. Олус улахан олгуй.
Чакыр. Туртаҕар (ордук сылгы, ынах муннун, муоһун, туйаҕын этэргэ).
Чохоо. Чааскы кэриэтэ кыра иһит.
Чөчөгөй. Үүт үрдүн холбуйан ылбыт кэннэ хаалар үүт былаастаах сүө-
гэй (сливки).
132