Page 130 - Саха тыла 7 кылаас
P. 130
Ситимнээх саҥа
«МИН БИЛИИМ — СИТИҺИИМ ТӨРДӨ»
БЫРАЙЫАКТЫЫР ҮЛЭ
253. Үөрэх дьылыгар ылбыт билиигэр олоҕуран айар сорудах-
таах бырайыактыыр үлэтэ толкуйдаа.
254. Бэриллибит саҥа аллайыылары аллара баар табылыыссаҕа
суолталарынан наардаан киллэр. Сорох саҥа аллайыы хас да
суолталаах буоларын өйдөө.
Абаккам, абытай, айака, аа, ар-дьаалы, аат-татай, бай, бабат,
бачах, баһыыба, дьиккэр, дьэ, дьэ дуу, илиэһэй, иэхэй, иэхэйбиин,
кэбис, ким билэр, махтал, ноо, оо, оо дьэ, оок-сиэ, па, пахай, па-
хайбыын, сатана, сөрү-сөп, һуу, һук, һай, һат, татат, татай эбит,
тууй-сиэ, тыый, уой, чөт, чэ, чэ-чэ, чэ ээх, ычча, ыы, эй, эс, ээ.
Суолтата Саҥа аллайыылар
Үөрүү, дуоһуйуу
Дьиктиргээһин
Куттаныы, сэрэхэдийии
Кыйаханыы, абарыы
Кэлэйии, мыыныы
Ыалдьыы, сылайыы
Тымныйыы, итииргээһин
Күһэйии, ыҥырыы
Биһирээһин, сөбүлээһин
Утарыы, бобуу, саарбахтааһын
Күннээҕи сиэр-туом
Үөхсүү
·Үөһээ табылыыссаттан талан чопчу биир бөлөххө киирбит саҥа
аллайыылар суолталарын быһаар. Холобурунан бигэргэт.
130