Page 131 - Саха тыла 7 кылаас
P. 131
СЫҺЫАРЫЫ
БЫҺААРЫЫЛААХ ТЫЛДЬЫТ
Аартык. 1. Киэҥ улахан айан суола. 2. (көсп.) Үүнэр-сайдар хайысха.
Абаҕа. Киһиэхэ аҕатын бииргэ төрөөбүт убайа.
Агда. Киһи, сүөһү түөһэ, ойоҕосторо бүтүннүү ылыллыбыта.
Аҕа ууһа. Биир аҕаттан төрүттээх аймахтыылар.
Айгыһын. 1. Наһаа уһуннук бэлэмнэн. 2. Элбэхтик кэл-бар, тиэһин.
Баарт. Киһиэхэ туох эмэ дьол курдук табыллыыта (удача).
Баҕарах. От үрэх, сыһыы кэтирээн кэҥиир сирэ.
Биргинэх. Кыра үөл кус.
Биэрэстэ, эргэр. Уста кээмэйэ, 1,067 км тэҥ. Биэрэстэлээх сиртэн
көстөр (вёрста).
Бэчимэ. Уһун, бөҕө быа (бечева).
Дабархай. Кытархай, сыстаҥнас, ууллаҕас мас сымалата.
Дабыдал. 1. Көтөр кынатын икки бастакы (бүлгүнүттэн) сүһүөҕэ. 2.
Киһи окумала.
Даркы. Уу аҕалан муспут маһа (өрүс, күөл кытыытыгар).
Долоҕойгор тохтот. Өйдөөн иһит.
Дьааҥы. Таас хайа.
Дьаархан. Туохтан эмэ куттанан сэрэн, кэтэн.
Дьаллык. Куһаҕан идэ, омсолоох суолга ылларыы.
Дьара. Ууга чычаас сир.
Дьоруо. Ат хаамарыгар, сиэлэригэр атаҕын наар (икки хаҥаһын эбэтэр
икки уҥатын тэҥҥэ) ылан үктүүрэ.
Куруҥ. Хаппыт мас, хаппыт мастаах ойуур.
Кычым. Ыҥыыр икки өттүнэн ат ойоҕоһун сабар таҥас.
Миҥэ. Айааһаммыт, мииниллэр ат.
Муунта, эргэр. Ыйааһын кээмэйэ, 400 г (фунт).
Мэһэмээн, эргэр. Кыра туос иһит, кыра чабычах.
Оккураҥ. Ситэ сайдыбатах буолан мөлтөх.
Омоон. Туох эмэ барбах көстөр барыла.
Ороһу. Хойутаан төрөөбүт, онон улаата илик.
Очур. Кыра томтор, боллох, тэхтир.
Өксүөн. Тыаллаах-куустаах, хаар былаастаах күһүҥҥү самыыр.
Өнньүөс. Өрүс, үрэх хочотугар уһун синньигэс уулаах хотоол, сырыын-
ньа эниэлээх үрэх.
131