Page 128 - Саха тыла 7 кылаас
P. 128

Кэриҥ, кээмэй
Чорботон араарыы
Тэҥнээһин
Барымта (объект)

250. 248 эрчиллиигэ бэриллибит дьөһүөллэри аллара оҥоһуллубут
         табылыыссаҕа түһүктэринэн наардаан киллэр. Түһүк аайы
         араас суолталаах үстүү этиитэ оҥор.

          Түһүк   Тыллар

Төрүт
Сыһыарыы
Туохтуу
Таһаарыы

 251. Бэриллибит көмө саҥа чаастарынан этиитэ оҥор. Туох суол-
          таҕа туттубуккун быһаар.

    Онтон — оттон, ол эрээри — ол эрэн, уонна — ол кэннэ; дылы —
диэри, туһугар — иһин; үһү — үһүө, ээ — ээт — эбээт; дьиҥэ — кыр-
дьыга, арааһа — баҕар.

 252. Тиэкиһи аах. Сорудаҕы толор, хатылыыр сэминээргэ бэ-
          лэмнэн.

    Кырдьыгынан эттэххэ, билигин туттуллар тыл суолтатын ситэ
билбэт, саха тылын төрүт дорҕоонун букатыннаахтык «сүтэрбит»,
төрөөбүт тылынан нууччалыы-сахалыы булкуйан саҥарарын нуорма
курдук ылынар бүтүн көлүөнэ ыччат үөскээтэ. Ити кинилэр буруйда-
ра буолбатах: биһиги олохпут чахчыта, үөскэтэр иэдээннэрэ буолар.

    Оҕону төрөөбүт тылынан иитии, бастаан, дьиэ кэргэҥҥэ, ик-
киһинэн, оҕо тэрилтэтигэр, онтон, үсүһүнэн, сахалыы тыллаах ос-
куолаҕа салҕаан ыытыллыахтааҕа үчүгэйдик биллэр суол. Бу үс
ситимтэн биирэ эмэ быһыннаҕына, оҕо төрөөбүт тылланыытыгар
улахан куттал суоһуур. Оҕо дьиэтигэр наар төрөөбүт тылынан кэпсэ-
тэ сылдьыбыт буоллаҕына, кэлин төрөөбүт тылыттан тэйбэт диэн

128
   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133