Page 123 - Саха тыла 7 кылаас
P. 123
С¥БЭ
Ñûһûàòû ñàҥà ÷ààһûíàí ûðûòûû îҥêóëà
1. Õàííûê ûéûòûûãà õîðóéäóóðà, àðààһà.
2. Òөðүò ýáýòýð үөñêýýáèò ñûһûàò áóîëàðà.
3. Õàííûê ýòèè ÷èëèýíý áóîëàðà.
Õîëîáóð:
Êүí-äüûë îëóñ òүðãýííèê áàðàí èñïèòý.
Îëóñ, òөһө? Êýýìýé ñûһûàòà, òөðүò, ýòèèãý ñèһèëèè ñîðҕîòî
áóîëáóò.
Òүðãýííèê, õàéäàõ? Áóîëóó ñûһûàòà, үөñêýýáèò, äàҕààһûíòàí
-òûê ñûһûàðûûíàí, ýòèèãý ñèһèëèè áóîëàð.
241. Тиэкиһи болҕойон аах. Сорудаҕы толоруох иннигэр сыһыат
өйдөбүлүн, этиигэ оруолун, арааһын, үөскээһинин быһаар.
Биирдэ саас эрдэ аҕабын кытта дэриэбинэттэн тэйиччи сытар
Атырыкаан диэн күөлгэ кустуу бардыбыт. Эрдэ бэлэмнэммит буо-
лан, мин олус ыксыыбын. Кус көтүүтэ куотуо диэн сэрэхэдийэ са-
ныыбын. Наһаа нэс оҕуска мас тыы тиэйиилээхпин. Урут хаһан да
сылдьыбатах суолбунан иһэбин. Тула хатыҥ быыстарайдаах бэс
ойуур. Чалбах, уу-хаар сааскы кэм буолан элбэх. Хара сир, онон
сыарҕа балачча ыарахан быһыылаах. Аҕам ыҥыыр аттаах, балачча
инники иһэрэ, төннөн кэллэ: «Оҕускун сэниэлээхтик кымньыылаа,
хаамыа», — диэтэ уонна эмиэ инники барда. Мин, кырдьыга, оҕус-
пун аһынабын, онон кыратык тап гына охсорбун кумаардаабат. Ити
курдук айаннаан истэхпинэ, аара кыттыгаспыт Дьөгүөр ситтэ: «Хайа,
ыраах кэлбит эбиккит дии. Мин букатын куоттардаҕым дии санаа-
бытым», — диэт, аҕабын ситээри, ааһа көтүттэ. Чугас иһэр аҕабы-
ныын тугу эрэ күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ бара турдулар. Үчүгэйдик
билбэт сирим буолан, уҥа-хаҥас көрүөлэнэбин. Туора тахсар суолу
батыһыам диэн сэрэхэдийэбин да, аттаах дьон барбыттара дьэрэ-
лийэн көстөр. Соһуччу күрдьүгэс түөкүн үһүүрэ-үһүүрэ сытар мас
үрдүнэн сүүрэн соһутта. Сорукка баран испэтэҕим буоллар түһэн
налыччы бултаһыах эбиппин. Арыт күҥҥэ иккилии-үстүү мурукуну
сиэпкэ уктуллара. Ити саныы истэхпинэ, оҕуһум олох да турунан кэ-
123