Page 120 - Саха тыла 7 кылаас
P. 120
СЫЛЫ ТҮМҮКТҮҮР ХАТЫЛААҺЫН
Саҥа чаастарын хатылааһын
234. Учуобунньук таһын ис суругун болҕойон көр. Быйыл ханнык
саҥа чаастарын үөрэттиҥ? Ыйытыыга хоруйдаа.
1. Быйыл ханнык бэйэмньи (уларыйар, уларыйбат) уонна көмө саҥа
чаастарын үөрэттиҥ? Тоҕо оннук арааралларый?
2. Уларыйар уонна уларыйбат ханнык саҥа чаастарын биллиҥ?
3. Саҥа чаастарын ыйытыыларын уонна суолталарын эт.
4. Көмө саҥа чаастара туох суолталаахтарый? Ыйытыыга тоҕо хо-
руйдаабаттарый?
235. Тиэкиһи аах. Этии чилиэнинэн аннынан тардан ырыт. Хан-
нык саҥа чааһа буолалларын быһаар.
Николай Егоровичтан киһи тус олоҕор элбэххэ үөрэнэр: ону
бэйэтэ таһаҕас оҥостубакка этэн кэбиһээччи. Ол арыт эн олоххор
бүтүннүүтүгэр да эркээйи буолуоҕа. Мин айымньытыттан үөрэнэрим
таһынан, тус бэйэбэр этэн аһарбыт түгэннэриттэн биири кэпсиим.
— Эн, доҕор, оҕолорум оннук үчүгэйдэр, маннык үчүгэйдэр диэн
кэпсээн оҥостубат буол. Оҕо үчүгэйэ, куһаҕана төрөппүттэн эрэ ту-
таахтаах буолбатах. Уопсастыба, уулусса, сымыйа табаарыстар...
Эҥинэ бэйэкээннээх дьон оҕолоро араас буолтара кэмэ суох. Даача
оптуобуһугар күн аайы оҕолорун хайҕаан кэпсиир биир ытык кыр-
дьаҕаһы истиэххэ олуона. Оҕолоро, кырдьык, үчүгэйдэр. Дьиҥэр,
оҕолорун сааһыгар үлэлээбэтэх ийэлэрэ иитэлээбитэ. Бэйэтин
өҥөтө кыра да ини.
Итинник, итинниккэ майгынныыр түгэн элбэхтик көстөн ааһаач-
чы. Аксакаал үйэтигэр төһөлөөх үчүгэйи, кэрэни, сырдыгы ыспыта
буолуой!?
(МЧ)
1. Тиэкис ис хоһоонун туһанан, тус санааҕын суруй.
2. Тиэкискэ сы´ыан тыллары булан, суолталарын бы´аар.
120