Page 121 - Саха тыла 7 кылаас
P. 121

236. Учуобунньук таһын ис суругун туһанан, тус туохтуур
              уларыйыытын хатылаа²:

1) туохтуур сирэйдэниитин — кэпсээ туохтууру сирэйдээҥ;
2) туохтуур киэптэрин — оҥор туохтууру киэбинэн уларытыҥ;
3) туохтуур көрүҥнэрин — хомуй туохтууру араас көрүҥҥэ туруоруҥ;
4) туохтуур кыччатар халыыбын — утуй, сынньан туохтууру ула-

    рытыҥ;
5) туохтуур үлүбүөй халыыбын — быһаар, толор туохтууру ула-

    рытыҥ;
6) тиэкистэн буолбатах, иитэлээбитэ, үөрэнэр, кэбиһээччи, буо-

    луоҕа, кэпсиим, буолбатах, ааһааччы туохтуурдары булан, саҥа
    чааһынан ырытыҥ (туохтууру ырытыы халыыбын туһаныҥ).

     237. Учуобунньук таһын ис суругун туһанан, аат туохтуур
              уларыйыытын хатылааҥ:

1) Көмөлөс туохтууртан аат туохтууру үөскэтэн, үс кэминэн ула-
    рытыҥ;

2) Ытыыр/ытаабат тылы туттан этиитэ толкуйдааҥ: а) тус туох-
    туур суолтатыгар; б) аат туохтуур суолтатыгар; в) аат тыл
    суолтатыгар;

3) Тиэкистэн аат туохтууру булан ырытыҥ: төрөппүттэн, үөрэнэ-
    рим, аһарбыт, оҥостубат, буолтара, кэпсиир, истиэххэ үлэ-
    лээбэтэх, оҥостубат.

     238. Учуобунньук таһын ис суругун туһанан, сыһыат туох-
              тууру хатылаа:

1) санаа туохтууртан сыһыат туохтуур арааһын үөскэт, этиитэ
    толкуйдаа:

— урут сыһыат туохтууру;
— тута сыһыат туохтууру;
— тэҥҥэ сыһыат туохтууру;
— кэлин сыһыат туохтууру;
— ханыыласпыт сыһыат туохтууру;
— хатыланар сыһыат туохтууру.
2) Тиэкистэн оҥостубакка, этэн, кэпсээн, хайҕаан сыһыат туох-

    тууру ырыт.

                                                                                                     121
   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126