Page 117 - Саха тыла 7 кылаас
P. 117

227. Саха чулуу суруйааччылара туттар этиилэрин аах. Саҥа
                   аллайыыны булан, туох суолталааҕын толкуйдаа. Саҥа
                   аллайыыны көтүтэн, иккиһин аах. Этии хайдах уларый-
                   бытын болҕой.

    1. Һу-уу, ычча-ычча! Ити икки ардыгар утуйан хаалан, хор, бүтэ
сыстым... Оо, билигин баҕас Одуор тиийэн кэлбэт буолан. Һа! Хайа,
ол тугуй? Туох харатай?.. Эй, суох буолан хаалла. (СО) 2. — Но,
Лэглээр сиэнэ, бу туох буолан чугуруҥнаатыҥ? Оҕуһу аҕаллыҥ дуо,
нохоо? — Оҕуһу аҕалбатым ээ... — Но, аара сиэн кэбистиҥ дуо? —
Атаҕа ыарыйда... — Но! (АА) 3. Эгэй, эгэй, оҕолор, элбэхийэ буо-
ламмыт эрчимнээхтик үлэлиэхпит. (К) 4. Эс, суох доҕор, оннук
буолуо суоҕа! (НН) 5. Оок-сиэ! Оҕолор оонньоон эрдэхтэрэ тоҕо
үчүгэйэй. Чэ, ол эрээри мин да эдэрбин, сааһым тухары маннык
олоххо анамматаҕым буолуо. (А) 6. Ар-дьаалы! Аарт-татай! Алаа-
тыгар эминэ туомуй! (ПО) 7. Бабат! Бу үлүгэри көр эрэ... Һук! Көр,
тыыны түҥнэрэ сыста ээ. (ЭЭ) 8. Пахай, пахай, бадараан! (ТС)
9. Мин бэлэмнэниигэ бардым. Уой, хойутаары гынным, остуолу эн
хомуй. (Д) 10. Тугун сµрэй! Аны кимим кэлэн аспын астыай, та²ас-
пын абырахтыай? (СО)

         228. Саҥа аллайыыны булан, сурук бэлиэтин туруор.

    1. Уу барахсан чэмэлийэн, чэрэлийэн... 2. Абытай куйаас да бөҕө
буолбут! 3. Эчи киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. 4. Бээ тохтоо, манна
өссө биир илим баар, онтукабын көрөбүн. 5. Эчикийэ суох тоҕо
саҥардамый. 6. Ээккэй эбээт эһигини кытта баҕас кэпсэтиллиэ.
7. Аар-дьаалы бэрбээкэйим уҥуоҕа бүтүн эбит. 8. Оок-сиэ тугун
дьиибэтэй, доҕоор!

 229. Ханнык саҥа аллайыы суолтатын өйдөөбөккүтүн ыйытыҥ.
          Этиитэ толкуйдааҥ.
          Х о с б ы һ а а р ы ы : Саҥа аллайыыны оо, даа диэн эбиискэ
          күүһүрдүөн сөп. Холобур: Оо, айака! Айака даа! Оо, айака
          даа! Оо, айака даа, айака!

    Абаккам, абытай, айака, аа, аай-ай, ар-дьаалы, аарт-татай, бай,
бабат, бачах, дьэ, дьэ дуу, иэхэй, иэхэйбиин, ноо, оо, оо дьэ, оок-
сиэ, па, пахай, пахайбыын, һуу, һук, һай, һат, татат, татай эбит, тууй-
сиэ, тыый, уой, чөт, чэ, чэ-чэ, чэ ээх, ычча, ыы, эй, эс, ээ.

                                                                                                          117
   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122