Page 114 - Саха тыла 7 кылаас
P. 114

Кэм      Ол иһин, ол туһугар, диэн, ол иннигэр.
Тэҥниир
         Онтон бэттэх, ол былаһыгар, ол диэки,
         онуоха диэри (дылы), ону кытта (кытары),
         ону сэргэ, ол тухары, онтон ыла,
         оннооҕор, ол курдук, ол кэриэтэ, онуоха
         дылы.

                                   С¥БЭ

    Ûñòàòûéà áóîëëóí, óî÷àðêà áóîëëóí, ààòûòòàí ûëà ààҕàà÷÷ûíû
áèëèýí ûëûàõ òóñòààõ. Ààòà õàéäàõ áóîëóî äà, ñóðóéóóҥ äà îííóê
áóîëóî. Îíîí òóîõ-õàííûê èííèíý ү÷үãýé ààòû, àéûìíüûҥ èñ õîһîî-
íóí, ñүðãýòèí òîëîðó áèýðýð ààòû áóë. Îë ýðý êýííèòòýí ñóðóé.

         224. Тиэкиһи аах. Сорудаҕы толор, сэминээргэ бэлэмнэн.

    «Өрүһүйүҥ даа, Дьэҥкири!» диэтэххэ? Үчүгэй? Чахчы үчүгэй!
Ама, ким итинник ааттаах ыстатыйаны аахайбакка ааһыай? Бэйэ,
ол эрээри «даа» диэни ылан кэбиһиэххэ дуу? Олус ааттаһан эрэр-
гэ дылы. Бу ыстатыйа көрдөһөр, ааттаһар буолбакка, дьаҕырыйар,
модьуйар тыыннаах буолуохтаах. «Өрүһүйүҥ Дьэҥкири!» Ити ордук.
Ол эрээри дьаҕырыйарын, модьуйарын ааһан, Дьэҥкир өлөр дуу,
тыыннаах буолар дуу дьылҕатын сибилигин быһаарар наадатын
этиэххэ баар эбит. Сибилигин. Күн бүгүн. «Өрүһүйэ охсуҥ Дьэҥки-
ри!» Дьэ, ити бэрт. Бэйи эрэ, «охсуҥ» диэн ити кимнээҕи соруйар
кини? Кэбис, ити биир-икки тэрилтэ эрэ дьыалата буолбатах. Ити,
дьиҥэр, бука барыбыт иэспит. «Өрүһүйэ охсуоҕуҥ Дьэҥкири!» Чэ,
ити сөп. Уопсастыбаннаһы барытын түмэ тардыахха наада бу ал-
дьархайдаах чахчы тула.

    Ыстатыйа аата табылынна диэххэ сөп. Ис хоһоонун итинэн сү-
рүннүөххэ. (Софр.Д)

     1. Тиэкискэ баар эбиискэлэри бул. Эбиискэ туһунан кэпсээ.
     2. Тиэкискэ баар сыһыан тыллары бул. Сыһыан тыл туһунан кэпсээ.
     3. Тиэкискэ баар дьөһүөллэри бул. Дьөһүөл туһунан кэпсээ.
     4. Тиэкискэ баар ситим тыллары бул. Ситим тыл туһунан кэпсээ.

114
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119