Page 110 - Саха тыла 7 кылаас
P. 110

лыр оҕус уонна атыыр мөккүспүттэр. 3. Ыраах сир уонна халлаан
ыпсыытыгар Өлүөнэ өрүс кэтит лиэнтэтэ субуллар.

    VIII. Сыһыат туохтуурунан. 1. Быйыл саас тымныы буолла уонна
от-мас хойутаан тылынна. 2. Дьон ис туругун кумааҕынан кырыйан
таһаарабын уонна кэпсиибин. 3. Мин отон хомуйдум уонна барыан-
ньа буһардым.

         216. Аах. Уонна ситим тыл хайдах туттуллубутун өйдөөн
                   көр. Этии туох дэгэттээҕин быһаар. Маннык этиитэ тол-
                   куйдаа.
                   Х о с б ы һ а а р ы ы : Ситим тыла суох биир уустаах чи-
                   лиэни салҕаан иһиэххэ сөп. Уонна ситим тыл баар буол-
                   лаҕына, оннук салгыыр сатаммат. Тылы пааранан холбуур
                   ситим тыл үөрүүлээх, дарбааннаах түгэҥҥэ дьүөрэ.

    1. Саха сирин тыатыгар куобах, тииҥ, саһыл, кырса, эһэ, бөрө
үөскүүр. 2. Саха сиригэр куобах, саһыл уонна эһэ үөскүүр. 3. Ойуур-
га саһыл-кырса, таба-тайах, эһэ-бөрө элбэх. 4. Биһиги Сахабыт си-
ригэр куобах уонна тииҥ, саһыл уонна кырса, таба уонна тайах, эһэ
уонна бөрө бултанар.

         217. Аах. Уонна ситим тылы ханна туруоруохха сөбүй?
                   Быһаар.

    1. Даарыйа эмээхсин ити курдук көтөр кынаттаах, сүүрэр атах-
таах, үөн-көйүүр, сүөһү-ас, икки атахтаах, сир-халлаан туһунан хаһан
да бараммат кэрэ, дэлэгэй кэпсээннээх. 2. Быыкаайык балаҕан иһэ
кэҥээтэр кэҥиир, үрдээтэр үрдүүр, киэркэйдэр киэркэйэр. 3. Ки-
нилэр хабылык хабаллар, дурда эргитэллэр, эрилээҥкилииллэр.
4. Сылгы сыатын, саламааты, сүөгэйдээх дьэдьэни, көбүөрдээх лэп-
пиэскэни сиэ да сиэ буолаллар. (АА)

         218. Хоһоону дорҕоонноохтук аах. Биир да ситим тыла суох
                   биир уустаах чилиэннэри бул. Манна ситим тылы тут-
                   тар тоҕо табыллыбатын быһаар.

                                  Силлиэ... Силлиэ сэллиэ,
                                  Сэллии-сэллии кэлиэ,
                                  Сирилиэ, эбиллиэ,
                                  Сиэлиэ, сиэлийиэ,
110
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115