Page 109 - Саха тыла 7 кылаас
P. 109

214. Ситим тылы туттан, этиини хас да араастык салҕаан
                   суруй. Сурук бэлиэтин туруор.

    1. Оскуолаҕа бүгүн волейбол күрэхтэһиитэ буолла _______.
2. Эдьиийим быйыл орто оскуоланы бүтэриэ _______. 3. Ким эрэ
ааны тоҥсуйда _______. 4. Аҕам быйыл улаханнык ыарыйда _______.
5. Мин итини бэйэм да билэр этим _______. 6. Ийэ оҕотун аһынара
баа буолуо дуо _________.

    Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р : да, уонна, онон, ол эрээри, оттон,
онтон, оччоҕо, о.д.а.

         215. Уонна ситим тыл оннугар тылы атын ньыманан си-
                   тимнээн суруй. Этии ис хоһооно хайдах уларыйарын
                   болҕой.
                   Х о с б ы һ а а р ы ы : Билигин нуучча тылын батыһан,
                   уонна ситим тыл атын ситимниир ньыманы үтүрүйэр
                   буолла. Онтон саха тылын дэгэтэ сүтэр, дьадайар.

    I. Ситим тыла суох, соппутуойунан. 1. Өбүгэ сырдык уонна үтүө
үгэһин умнумаҥ. 2. Сахаҕа үөрэхтээх уонна сайдыылаах ыччат наада.
3. Бу бэртээхэй уонна сонун күрэхтэһии кэлин да салҕана турдун.

    II. Дэпииһинэн. 1. Дэҥ уонна оһол тахсыбатын туһугар төрөп-
пүттэр оҕолоргутун сэрэтиҥ. 2. Эйигин төрөөбүт күҥҥүнэн итиитик
уонна истиҥник эҕэрдэлиибин. 3. Билигин үөрэҕи уонна билиини
дьиэҕитигэр олорон ылыахха сөп.

    III. да-да ситим тылынан. 1. Аныгы оҕолор омук тылынан ааҕаллар
уонна кэпсэтэллэр. 2. Арыгы киһи доруобуйатын айгыратар уонна
алдьатар. 3. Саха омук сайдар уонна самнар дьылҕата ыччат илии-
тигэр баар.

    IV. кытта дьөһүөлүнэн. 1. Маайа уонна Даайа тугу кэпсэттилэр?
2. Ийэ уонна оҕо сынньанарыгар туспа хос арыллыбыт. 3. Литэрэ-
тиирэ уонна олох быстыспат ситимнээхтэр.

    V. -лаах сыһыарыынан. 1. Оҕонньор уонна эмээхсин олорбутта-
ра эбитэ үһү. 2. Былыыр-былыр сылгы уонна куобах бырааттыылар
эбит. 3. Саасчаана уонна Сардаана эт саастыы кыргыттар.

    VI. -лыын сыһыарыынан. 1. Бөрө уонна саһыл көрсө түспүттэр.
2. Сэрии бүппүт сураҕын истэн, кырдьаҕастар уонна эдэрдэр бары
үөрбүттэр.

    VII. икки ситим тылынан. 1. Күлэр уонна ытыыр аҕас-балыс. 2. Бы-

                                                                                                          109
   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114