Page 111 - Саха тыла 7 кылаас
P. 111
Сири, халлааны силбиэ,
Сэниэ, силэйиэ,
Сэтэрэн, тэбиэстэн сиҥниэ,
Сирэйгэ-харахха силлиэ,
Сиэххэ, сиэпкэ симиллиэ,
Сириэ-талыа, сиилиэ.
Силбиэтэнэ сиксиллиэ,
Сиэри таһынан силлиэ...
· «Силлиэ» тыл суолтатын быһаар. Үөһэ баар хоһоонтон омуоньу-
мун бул. Хоһооҥҥо [с], [и], [э], [иэ], [л] [л] дорҕоон хатыланара
туох суолталааҕын быһаар.
Ситимнээх саҥа
СИТИМНИИР НЬЫМА АРААҺА
С¥БЭ
Ýéý äèýí үëý, ýéý — íîðóîòòàð áàðҕàðûûëàðà.
219. Дьыктаанна суруй. Аатта биэр. Ыһыахтан туох уратылаах
эбитий?
Казахтар былыр-былыргыттан истиэпкэ олохсуйбут омук буолан,
өйдөрө-санаалара киэҥ-куоҥ, холку, көҥүл олоҕу өрө тутар май-
гылаахтар. Киэҥ сиргэ ыһыллан олорор араас ийэ, аҕа уустарын
түмэр үгэстээхтэр, олохторо-дьаһахтара онно анаммыт.
Казах норуотун төрүт бырааһынньыга — наурыз. Наурыз — саа-
һы, Саҥа дьылы көрсүү бырааһынньыга. Бу күн хас биирдии дьиэҕэ
наурыз диэн ааттанар сэттэ араас бородууктаттан турар аһы ас-
тыыллар. Дьон аултан аулга сылдьан, бу аһылыгы сииллэр, наурыз
ырыаны ыллыыллар, бэйэ-бэйэлэрин Саҥа дьылынан эҕэрдэлэһэл-
лэр, саҥа сылга байылыат олоҕу, үгүс төрүөҕү баҕараллар.
111