Page 112 - Саха тыла 7 кылаас
P. 112
220. Тиэкискэ ситимниир тыллары аннынан тарт, ханнык
саҥа чааһынан бэриллибиттэрин ый.
Хара тыа. Булчуттар өр хаамтылар. Туох да суох. Ыттар үрдүлэр.
Дьон чөрбөһө түстэ. Тиийбиттэрэ арҕах көстөр. Иччилээх быһыы-
лаах. Бүө быстылар. Барыта бэлэм буолла. Киирдилэр. Эһэ ойон
таҕыста. Саалар тыаһаатылар. Тыатааҕы Сүөдэри үрдүнэн ойдо.
Сааба ытта. Ойуурдааҕы хаарга оҕутта. Үөрдүлэр. Байанай биэрдэ.
·Этиилэр хайдах ситимнэспиттэрин болҕойон көр. Тиэкискэ
эһэ диэн тыл тоҕо араастаан этилиннэ?
221. Уус-уран ойуулааһын тиэкистэ оҥор. Ситимниир ньыма хан-
нык арааһын туһаммыккын быһаар. Тиэкискэ аатта толкуй-
даа.
222. Биир мүнүүтэ иһигэр биир сүһүөхтээх уһун аһаҕас дор-
ҕоонноох туохтуурдары буларга куоталаһыҥ.
223. Субуруччу, кэккэлэ´э ситимнэри бы´аар.
1. £р-³т³р гыммата: балыктыыр сиригэр тиийэн кэллэ. Малын-са-
лын сµ³кээтэ, халы² истээх µтµлµгµн µрµсээгэр укта, ол оннугар µлэ-
±э кэтэр µтµлµгµн кэттэ. Онтон чараас муу´у алларбытынан барда.
2. Кини бултуур сиригэр кэлбитэ. Барыта ч³к³. Онно хайы´ара
хаарга анньыллан турар. ¥µтээн та´ынаа±ы дµлµ²²э чохорооно к³с-
т³р. Уонча хапкаана аргыга ыйаммыт.
Көмө саҥа чаастарын хатылааһын
Саарбахтыыр, Сыһыан тыл
сэрэйэр
Чорботор Бука, быһыыта, бадаҕа, арааһа, баҕар, ким
билэр, туох билиэй.
Сөбүлүүр, сирэр
Бэл, арай, саатар, дьөрү, оннооҕор, мэк-
тиэтигэр, бэл диэтэр, өссө, хор, дьэ туран.
Хата, эчи, хайдах курдук, дьолго, киһи
үөрүөх, киһи сөҕүөх, муҥар, саатар, эмиэ
да, хомойуох иһин, бостуой.
112