Page 115 - Саха тыла 7 кылаас
P. 115
5. Тиэкискэ туттуллубут сурук бэлиэтин быһаар.
6. Тиэкис истиилин быһаар. Дакаастаа.
7. Хабыычыка туруутун бы´аар.
225. Быһа тардыыны ааҕыҥ. Көмө саҥа чаастарын булан, туох
«көмөлөөхтөрүн» туһунан санааҕын эт. Табылыыссаны толор.
Эбиискэ Сыһыан тыл
Дьөһүөл Ситим тыл
I. Далбарай: О-о дьэ, бэрт үлүгэр, оҕолор! Биир уоллааҕым
сыыһа ойох ылабын диэн, бэркэ айманна, өллө-хаалла. Сордооххо
сото уҥуоҕа түбэһэр диэбиккэ дылы, киниэхэ түбэһээри түбэһэн,
киһи бөҕө түбэһэн өлөрдө. Туох ону истиэ-көрүө баарай? Онуоха
эбии мин, быһах угун кыстыбатын кэриэтэ, сөрүөстэн өллөҕүм. Сор-
доох баҕар киһи буолаарай диэн, туохпун даҕаны харыстаабакка
биэрэн туран, омук баайын кыыһын ойох ылан биэрдэҕим. Онтум,
биһиэнэ буолаары, кэдэрги сигилилээх, харсаах майгылаах, абаа-
һыттан дуу, айыыттан дуу анабыллаах дьахтар түбэстэҕэ үһү. Сатаа-
тахха, уолум буолуохсут бэйэтэ да илини-арҕааны билбэтэ, акаары-
та биир үксүн өлөрдө. Сордооҕуҥ баара, ким тугу этэр да, ол хоту
сылдьар буоллаҕа үһү. (НН)
II. Быыпсай ойоҕо: Ким да суох эбит дуу, бу уораҕайдарыгар. О,
аньыым туолан, аны бу мин урукку кэрэдэктэрбин, Сайсары эмээх-
сини, ааттаһа, сылгы хаһатынан айах тута кэллэҕим. Бу тухары оҕон-
ньорум илиэһэй иннигэр сылдьабын. Маннааҕы дьэбэ-бобо уола,
Былатыан Махсыынап диэн, баһамыык үөскээн, арҕаа улуус баайда-
рын хаайталаан эрэр үһү. Сатана бөҕө ыамата дэлэйин бэркиһиибин
ээ. Тохсуолар дуу, үөдэн дуу. Биир кыыһа умса түспүтэ да, көҕүрүөх
быһыылара көстүбэт, дьэ, эбии көймөстөн иһэллэр. Чэ, тыыллан эриҥ,
мин оҕом Опполинарий эн уолаттаргын кытта баҕас кэпсэтэр баҕа-
йыта ини... Маннааҕы симэхсин ыамаларыттан, оо, биир иккини-үһү
таба тайанара буоллар, таҥараҕа махтал буолуох этэ. (Кириэстэнэр)
Аньыыны быһа эттэххэ, эмээхсин бэйэтэ да ампаарданнар, бу буруо
тахсыбат буоллар, киһи санаата нус буолуо этэ... (СО)
115