Page 119 - Саха тыла 7 кылаас
P. 119
ЭРДЭ ТУРУОҤ — УҺУННУК ОЛОРУОҤ
Хатыҥ Сыһыы бөһүөлэк Марха өрүс хаҥас биэрэгиттэн 8 км ыраах
дэхси, налыы сиргэ, Муоһааны диэн (эбэҥки тылыгар — Мас арыы-
лаах) күөл кытыытыгар, турар. Биир тыһыынчаттан тахса киһи олорор.
Саха сиригэр урут да уһун үйэлээхтэр баар этилэр. Бу нэһилиэк-
кэ төһө элбэх уһун үйэлээх киһи баарый? Кинилэр үйэлэрэ уһууру-
гар туох көмөлөспүтэй, киһи уһун үйэлээх буоларын туһугар хайдах
олоруохха сөбүй?
Хас сыл аайы 50—60 саастаах дьон өлүүтэ элбиир. Дьон үксүн
куртах, куолай, тыҥа араагыттан өлөр. Ону тэҥэ бу бөһүөлэккэ 80—
90 саастарын ааспыт кырдьаҕастар эмиэ бааллар. Бу дьон бары
биир нэһилиэккэ олорбуттара, биир күөл уутун испиттэрэ, биир
салгыны тыыммыттара. Дьэ, оччоҕо кинилэр олохторо тоҕо атын-
атын буолан таҕыста?
Ону билээри аҥкыата ыыттыбыт. Аҥкыатаны 21 кырдьаҕас то-
лордо. Түмүгэ маннык буолла.
1. Уһун үйэлээх киһи айылҕаҕа сыстаҕас.
2. Аһылыга, сүрүннээн, үрүҥ ас, эт, балык буолар.
3. 21—25 сааһыгар кэргэннэнэр, оҕолоох, сиэннээх, толору дьиэ
кэргэҥҥэ олорор.
4. Эдэр сааһыттан илии үлэтинэн дьарыктанар.
5. Эрдэ утуйар, эрдэ турар.
6. Элэккэй майгылаах-сигилилээх.
7. Арыгыны испэт, табаҕы тардыбат.
8. Удьуора эмиэ уһун үйэлээхтэр эбит.
9. Уһун үйэлээх үксэ дьахтар буолар. Эр дьон аҕыйах.
Ол аата киһи уһун үйэлэнэргэ оҕо эрдэҕиттэн бэлэмнэниэхтээх:
үрүҥ аһы аһыыр, кэмигэр турар-олорор, чэбдик салгыҥҥа үлэлиир-
хамныыр. Маннык киһи, биллэн турар, майгыта даҕаны сымнаҕас,
элэккэй буолара чуолкай.
(«Эҥсиэли» хаһыаттан)
233. Тыллар суолталарын быһаар, синиэньимнэ бул, этиитэ
толкуйдаа.
Үрүҥ ас, толору кэргэн, уһун үйэлээх удьуор, илии үлэтэ.
119