Page 124 - Саха тыла 7 кылаас
P. 124

бистэ. Иннибин көрбүтүм, суол тоҕойугар аҕам атыттан түһэн күүтэн
турар эбит: «Чэ, доҕор, эн атта миин. Мин оҕустанан көрүүм!» —
диэтэ уонна мин кымньыыбын туора бырахта уонна балачча эттээх
титириги тосту тутан ылан кымньыы оҥоһунна. Миигин акка үтэн
ыҥыырга олорто уонна оҕуһу миинээтин кытта мин нэс көлөм иннин
диэки дьулуччу түһүнэн кэбистэ. Били, ыарахан диэбит сыарҕалаах
тыым туос тордуйалыы тэлэкэччийэ турда.

1. Тиэкискэ баар сыһыаты бул (сыһыат кэпсиирэҕэ сыстарын умнума).
2. Ыйытыы туруоран, арааһын быһаар.
3. Төрүт эбэтэр үөскээбит сыһыат буоларын дакаастаа (олоҕун, сыһыа-

    рыытын араар).
4. Ханыылыы уонна хатыланар олохтоох сыһыаты бул.
5. Сыһыат этиигэ ханнык чилиэн буолбутун эт.

242. Сыһыат үөскүүр сыһыарыытын хатылаа. Сыһыарыы ахсын
         үстүү холобуру бул. Сыһыарыынан үөскээбит сыһыакка биир-
         дии этиитэ оҥор.

 243. Этиилэртэн сыһыаты булан, саҥа чааһынан ырыт.

    I. Киэһэ эмин куорсунунан оймоон ыла-ыла, таммалатан истэ.
Дьэ, төһөнү көмөлөһөр, сарсын көрүллүө. «Бу биэрэллэрэ кырата
бэрт», — диэтэ күнүс уон биэс таммаҕын сэп гыннаран баран. «Бу
курдук бытааннык тиийэр буоллаҕына, өтөр абырыа суох», — диэн
баран, сэлиэнэйигэр олоччу таҥнары кутта уонна эмин соҕотохто
кэҕис гыннаран кэбистэ. (СО)

    II. Күнүс суол-иис, дэриэбинэ иһэ баллыгыраччы ууллара. Он-
тон улам-улам түүн да тоҥорбот буолбута. Ити аҥаардас күн эрэ
уотуттан буолуо дуо? Эбэтэр саас сир эмиэ иһиттэн итийэрэ буолуо
дуу диэн таайа сатыырым. Онно-манна тахсыталаабыт чалбахтан
кыракый сүүрүктэр тыккыраһан, улаатан, уу халдьаайыны таҥнары
күөл диэки сүүрбүтэ. (Д)

 244.  Төрүт уонна үөскээбит сыһыаттары туттан дьыл кэмин көр-
       дөрөр эбэтэр быһылааннаах тиэкистэ оҥоруҥ.
124
   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129