Page 122 - Саха тыла 7 кылаас
P. 122
239. Көмө саҥа чаастарын хатылаа. Тиэкистэн бул, ырыт: эбиис-
кэни, дьөһүөлү, сыһыан тылы, ситим тылы. Холобур, ини,
аайы, дьиҥэр, да.
240. Түһүктэммит аат туохтуурдар этиигэ ханнык суолталаах
туох чилиэн буолбуттарын быһаар.
Пионер хаһыатыгар саха биллиилээх суруйааччыта үлэлиирит-
тэн үөрэбин. Күндү Николай Егорович, бырабыыталыстыба наҕараа-
датын ылбыккынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Лев Николаевич
айымньыларын сахалыы тылбаастыырга сыралаах үлэҥ иһин Эйи-
гин туспа чорботон эҕэрдэлиэхпин баҕарабын. «Сааскы кэм» — саха
норуотун олоҕун энциклопедията диэтэххэ, бука, улахан омуннаа-
һын буолбата буолуо. Суруйааччы ылыммыт сэмэй хос аата ким
да аатыгар маарыҥнаабатын кэриэтэ. «Сааскы кэм» арамаан саха
олоҕун киэҥник уонна дириҥник көрдөрбүтүнэн, оччотооҕу саха
дьонун майгытын-сигилитин, кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр сыһыан-
нарын үрдүк таһымнаахтык хабан көрдөрөрүнэн, ол кэмнээҕи Саха
сирин олоҕун сиэркилэтэ дии саныырбыттан мин кыбыстымаары
гынабын. Мин үөрэбин кини кырдьыгы кэһиспэккэ, бэйэтин кир-
типпэккэ ол кэми ыраас туораабытыттан. Сорох кинигэни аахпатах-
ха, киһи барыстанар: бириэмэни сүтэрбэккин, оттон «Сааскы кэми»
аахпатах ыччаты мин элбэҕи сүтэрбит, быһата, дьоло суох ычча-
тынан ааҕабын... Куһаҕантан хайҕаныахтааҕар, үтүөттэн мөҕүллүбүт
быдан ордук. Тус-туспа тотуохтааҕар бииргэ аччыктаабыт эмиэ ор-
дук буолааччы. Бэйиэт Валерий Чиряев суруйбутунан, Любовь Фё-
доровна (Амма Аччыгыйын кэргэнэ) эдэр эрдэҕиттэн суруйааччылар
ытыктыыр үтүө доҕордоро эбитэ үһү. Сиэннэр — хайҕаныахтарын
саамай сөптөөх дьон. Арыт кырата улаханын төрөппүтүнээҕэр ордук
аҕа туттара. Эмээхсиним ааммын сабан тахсарын кытта суохтаабы-
тынан бардым. Ол эрэйдээхтэр, хонор ыал булбакка, кыһын суол-
га көтөхсүбүтүнэн тоҥон өлөллөр. Кыбыстарбыттан харахпын ханна
кистиэхпин билбэппин. (МЧ)
1. «Бэлэм буол» ха´ыат ту´унан эбии аах, бил.
2. «Сааскы кэм» арамааны то±о «саха норуотун энциклопедията» дииллэр
эбитий?
3. Тиэкистэн аат туохтууру, сы´ыат туохтууру булан са²а чаа´ынан ырыт.
122