Page 116 - Саха тыла 7 кылаас
P. 116

III. Мин тиэхиньикэҕэ кыайан сыстыа суохпун, быһыыта. Холуһум
бэрт. Мордаҥ миигиттэн букатын атын. Хайыы үйэ илии-атах буол-
бута, сыстыбыта эрэ баар. Кыыһырымтаҕай, ордуос, тэппини көр-
бөт бэйэтэ, төһө да маатыраны кытта соруйдуннар, ким-хайа иннинэ
сүүрэр. Сайын Аргылов Андрейга куруусчутунан бэркэ табыллан сыл-
дьыбыта. Андрей Морданы көбүөлүүрэ, ол эрээри дьон көрбөтүгэр
куруутун уруулун уларсара. Оттон мин, маатыратааҕар буолуох, куо-
лаһы да үрдэтэн соруйары тириим таһынан истээччибин. Куруубай
сыһыаҥҥа илин-кэлин түһүөх санаам кэлбэт. Дьэ, ол иһин тыраах-
тарга да, массыынаҕа да сыстан биэрбэппин. Дьиэбэр баар учуобун-
ньуктары эрэ ааҕабын. Быһата, быраактыката суох түөрүйэ. (Д)

      28 §. Саҥа аллайыы — саҥа чааһа

         226. Аах. Этии ис хоһооно тоҕо уларыйда?

    Тыый, бу эн эбиккин дуу! Оок-сиэ, бу эн эбиккин дуу! Һуу, бу эн
эбиккин дуу?

    Пахай, эн кэлэн турар эбиккин дуу? Татат! Эн кэлэн турар эбик-
кин дуу! К³р эрэ, эн кэлэн турар эбиккин дуу!

            Араас иэйиини, ис туругу биллэрэргэ туттуллар тыл саҥа
        аллайыы диэн ааттанар. Маннык тыл уларыйбат, көмө тыл-
        лар курдук ыйытыыга хоруйдаабат, этии чилиэнэ буолбат.

            Саҥа аллайыы киһи үөрбүтүн-хомойбутун, сөхпүтүн-махтайбытын,
        куттаммытын, соһуйбутун, абарбытын, тоҥорун-буһарын, ыалдьарын,
        соруйарын, о.д.а. көрдөрөр. Биир саҥа аллайыы араас суолталаах буо-
        луон уонна ханыылаһыан, хоһулаһыан сөп. Кэпсэтии тылыгар, уус-уран
        айымньыга киэҥник туттуллар, саха тылын биир олус этигэн ньымата
        буолар.

            Холобур: Оо, тугун үчүгэйэй! Оо, тугун кыһыытай! Оо, иэдээн да
        эбит! Оо, үчүгэй да үчүгэй!

            Саҥа аллайыы кэнниттэн соппутуой эбэтэр күүһүрдүү бэлиэтэ ту-
        рар. Холбуу саҥа аллайыыга дэпиис суруллар.

            Холобур: Чэ, кытаат. Чэ! Туруохпут дуо, хамсаамахтаан ис. Чэ-чэ,
        ол-бу буолума.
116
   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121