Page 106 - Саха тыла 7 кылаас
P. 106
киирии тыл үгүс буолар. Үсүһүнэн, кинилэр атын географическай
эйгэҕэ түбэһэн, олохторун быһыыта-майгыта онно дьүөрэлэһэн (хо-
лобур, булт, балык, таба иитиитэ), тыллара-өстөрө ити салааларга
сайдыбыт.
Түмүктээн эттэххэ, тас сахалар түөлбэлэрин уратыта дэхсилэнэн
сүтүөхтээҕэр буолуох, төттөрүтүн, үөһэ ааҕыллыбыт историческай
усулуобуйалартан төрүттэнэн, өссө улаатар, дириҥиир туруктаах.
(Михаил Воронкин. Саха диалектологията)
27 §. Ситим тыл — саҥа чааһа
211. Этиилэр ис хоһоонноро туох атыннааҕый? Тоҕо?
Таня ыллыыр, үҥкүүлүүр. Таня ыллыыр уонна үҥкүүлүүр. Таня
ыллыыр даҕаны, үҥкүүлүүр даҕаны. Таня арыт ыллыыр, арыт
үҥкүүлүүр. Таня ыллыыр эбэтэр үҥкүүлүүр. Таня ыллыыр, оттон Валя
үҥкүүлүүр. Таня µ²кµµлµµр, ол и´ин на´аа имигэс. Таня µ²кµµлµµр
эрээри, куру´уокка сылдьыбат. Таня µ³рэнэр итиэннэ µлэлиир. Таня
µ³рэнэр да, µлэлиир да. Таня µчµгэйдик µ³рэнэр, ол гынан баран
µлэлиир. Таня µ³рэнэр, онноо±ор µлэлиир. Таня µ³рэммитэ, онтон
ыла µлэтин ыарыр±аппат.
Этии биир уустаах чилиэнин эбэтэр тус-туһунан этиини,
эбэтэр санаа кэрчиктэрин холбуур, анал ыйытыыга хоруйдаа-
бат, этии чилиэнэ буолбат, уларыйбат көмө тыл ситим тыл
диэн ааттанар.
Холобур: Мин балтым быйыл ааҕар уонна суруйар буолла.
Балтым түргэнник ааҕар, оттон быраатым сатаан аахпат.
Ситим тыл икки бөлөххө арахсар:
1) төрүт ситим тыл: уонна, итиэннэ, оттон, эбэтэр;
2) атын саҥа чааһыттан төрүттээх ситим тыл: онон, онуоха, ону, ол
курдук, ол эрээри, эбэтэр, арыт, сороҕор, өссө, о.д.а.
Ситим тыл суолтатынан икки көрүҥнээх: тэҥҥэ холбуур суолталаах
уонна баһылыыр суолталаах.
106