Page 104 - Саха тыла 7 кылаас
P. 104
II. Тэҥ өттүктээх үс муннук уратыта.
Түөрүөмэ. Тэҥ өттүктээх үс муннук олоҕор түһэриллибит биссэк-
тириисэ мэдийээнэ да, үрдүк да буолар.
Дакаастабыл. Ойууну көрүөҕүҥ. АВС—ВС олохтоох тэҥ өттүктээх
үс муннук, АД — үс муннук биссэктириисэтэ, АВД, АСД үс муннук-
тар тэҥнэриттэн тахсар: ВД—ДС уонна 3—4.
ВД—ДС тэҥнээһин көрдөрөр: Д туочука — ВС өрүт ортото, онон
АД АВС үс муннук мэдийээнэтэ. 3 уонна 4 муннуктар быысаһаллар
уонна бэйэ-бэйэлэригэр тэҥнэр, ол аата көнөлөр. Ол иһин АД кэр-
чик АВС үс муннук үрдүгэ.
Түөрүөмэ дакаастанна.
III. Ыстапаан иһигэр арааһы эргитэ саныы-толкуйдуу олордо. Ол
санаатаҕына, быйылгы кыһыны ынаҕыттан туттубакка хайдах да кыа-
йан сыл тахсыа суох. Иһэр чэйэ, тардар табаҕа, сиир бурдуга, өссө
ол үрдүгэр тардыы харчыта, ити таһынан иэс төлөбүрэ. Ити кыһалҕа-
тын барытын тугунан булан толорунуон саныы сатаата да, кыайан то-
булбата. Сытаан бараары, бүгүн оҕонньордооххо бара сырыттаҕына,
тугу да биэрбэтэ, хата «ыларын күүтүөх буолаахтаата». (А)
209. Үөрэнээччи хоһоонун аах. Ханнык истиилинэн суруллубут
тойоннооһун дии санаатыҥ? Дакаастаа.
АРЫГЫНЫ ИҺИМЭҤ!
Саха норуотун самнары тардар,
Кэнчээри ыччаты кэтэҕиттэн кэрдэр,
Киһи олоҕун оонньуур оҥостор
Арыгы баар — алдьархайдаах ас!
Төһөлөөх уоланы төттөрү төлкөлөөн,
Сииктээх ииҥҥэ иҥнэри аста,
Хас ийэ, аҕа хараҕын уутун
Ханааба хаһан халыччы сүүртэ?
Тулаайах хаалбыт оччугуй оҕону
Тутан киллэрэн тумаҥҥа муннарда,
Огдообо буолбут эдэркээн ийэни
Олоҕун олгуйун умсары уурда.
104