Page 100 - Саха тыла 7 кылаас
P. 100

тахсан, остуолга турар иһиттэн кымыс амсайан көрдө. 6. Аҕата аах
ортотугар көлүйэ күөллээх кыракый алааска олорбуттар. Уоллара
дьон-сэргэ ортотугар сылдьан көрө илик.

         202. Таабырыннаһыҥ. Дьөһүөл сыстар тылын кытта ханнык
                   ыйытыыга эппиэттиирин булан, ханнык этии чилиэнэ
                   буоларын быһаар.

    1. Үтүө киһи үктэммитэ үс үйэ тухары сүппэт үһү. 2. Сыттык анны-
гар сытыы быһычча сытар үһү. 3. Төҥүргэс үрдүгэр түспүт хаар ха-
раарбат үһү. 4. Көмүс ампаар иһигэр күтүөт ата кистиир үһү. 5. Суол
ааныгар ыт кутуруга сытар үһү. 6. Муус иһигэр киһи хамсыыр үһү.

 203. Биир сөптөөх дьөһүөлү талан, этиини ситэрэн суруй.

    I. Туһунан — тула. 1. Оскуола ______ мас олортубут. 2. Кэпсэтии
субуотунньук _______ барда. 3. Төгүрүк остуол _______ сэһэргэһии-
битин саҕалыаҕыҥ. 4. Саҥа сокуон _______ элбэх кэпсэтии буолла.
5. Далан саҥа кинигэтин _____ дьүүллэһии буолла. 6. Биир кыһалҕа
________ түмсүөҕүҥ. 7. Аппыт сиргэнэн __________ холоруктуу сыл-
дьар. Эбэлээх э´эм ______ ахтыы суруйдум.

    II. Утары — кытары. 1. Сүүрүк ________ тыыбыт бытааннык устар.
2. Тиийбиппит, ыппыт эһэни ________ охсуһа сылдьар эбит. 3. Нар-
команияны ______ охсуһууну күүһүрдүөххэ. 4. Улун кус оҕолорун
көмүскээн, элиэни _______ охсуһар.

    III. Оннугар — кэриэтэ. 1. Киниттэн көрдөһүөм ________, аччык
сылдьыам. 2. Кинигэ ________ сурунаал атыыластым. 3. Миэхэ үчү-
гэйи оҥороруҥ _______ куһаҕаны оҥордуҥ.

         204. Дьөһүөл сөптөөх халыыбын туттан, этиини ситэрэн суруй.
                   Х о с б ы һ а а р ы ы : биир уустаах чилиэн кэнниттэн
                   дьөһүөл биир ахсааҥҥа турар.

    1. Дьонум, норуотум (иннигэр — иннилэригэр) үлэлиибин. 2. Саха
сирин биллэр эмчиттэрин, отоһуттарын (туһунан — тустарынан) ки-
нигэ тахсыбыт. 3. А.С. Пушкин «Балыксыт уонна балыкчаан (туһу-
нан — тустарынан) остуоруйатын» бэйиэт Валерий Чиряев сахалыы
тылбаастаабыта. 4. Суруйааччылар айар үлэлэрин (туһунан — туста-
рынан) уочарка суруйбутум. 5. Чурапчы уонна Нерюнгри улууһун икки
(ардыгар — ардыларыгар) сибээс олохтоммута. 6. Өрөспүүбүлүкэ

100
   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105