Page 98 - Саха тыла 7 кылаас
P. 98

199. Кэпсэтиини аах. Ойуулааһыннаах кэрчигин булан ый.

    — Хайа, Даша, привет!
    — Э, привет!
    — Туох сонун? Ханналаатыҥ?
    — Һуох, домойдаан иһэбин. Шопиннаан кэллим.
    — Айуу-чэ, ханна?
    — «Джинсэҕэ» эрэ сырыттым. Жёстко сылайдым!
    — Тугу ыллыҥ, дьэ? Көрдөрүүй!
    — Бу! Хайдаа-рэ да?
    — Көрдөр-көрдөр! Хараҥа күөх. Обманка сиэптээх. Узкайа үчүөй
эбит! Оо, бу тугай? Стразик бөҕөтө... Ха-ха! Наһаа дьи! Кыра оҕо
курдук манныгы тоҕо ыллыҥ? Оттон бу тугуй? Кардиган. Вязанай.
Һы, розовай эҥин. А это? Чэ-чэ, көрдөр, кистээмэ! Шапочка. Ничё
курдук. Хотя... Полоскалааҕа не в тему. Перчатки. Лучше кожаные,
кнешно! Уонна... Бүттэ да?
    — Бүтэн-бүтэн! Көрдөрөн да диэн!..

 · «Киһи саҥарар саҥата — ис култууратын туоһута» диэн этиини
         хайдах өйдүүргүн быһаар. Тылыҥ-өһүҥ хайдаҕын кэтээн көрөр
         буол.

           26 §. Дьөһүөл — саҥа чааһа

         200. Этиилэр туох уратылаахтар дии санаатыҥ? Тоҕо?

    Икки чааска кылааска муһуннубут. Икки чаас саҕана кылааска
муһуннубут. Икки чаас иннинэ кылааска муһуннубут. Икки чаас кэн-
ниттэн кылааска муһуннубут. Икки чаас кэриҥэ кылааска муһуннубут.

            Түһүк суолтатыгар хосуһан тыллары, этиилэри ситимниир-
        гэ туттуллар көмө суолталаах саҥа чааһа дьөһүөл дэнэр.

             Дьөһүөл суолтата нуучча тылыгар предлог суолтатыгар маарын-
         ныыр эрээри, тыл кэннигэр турар (перед уроком — пред + лог; уруок
         иннинэ — после + лог). Маны таһынан тылга, этиигэ атын-атыннык
         туттуллар.
98
   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103