Page 94 - Саха тыла 7 кылаас
P. 94

Сыһыан тыл суолтата

      Саарбахтыыр,              Чорботор       Сөбүлүүр, сирэр
           сэрэйэр
                      Бэл, арай, саатар,   Хата, эчи, хайдах
Бука, быһыыта,        дьөрү, оннооҕор,     курдук, дьолго, киһи
бадаҕа, арааһа,       мэктиэтигэр, бэл     үөрүөх, киһи сөҕүөх,
баҕар, ким билэр,     диэтэр, өссө, хор,   муҥар, саатар, эмиэ
туох билиэй.          дьэ туран.           да, хомойуох иһин,
                                           бостуой.

Соруйар, көрдөһөр     Сөбүлэһэр              Аккаастыыр, бобор

Чэ, хайа, ыл, чэ ыл,  Ээх, сөп, саатар     Эй, эс, эчи суох,
бука диэн, дьэ эрэ,   эрэ, этимэ даҕаны,   киэр-киэр, ээ киэр,
наай диэн.            буоллун, буолумуна,  ээ кээс, кэбис,
                      оннук-оннук.         түксү, сатаммат.

Эрэнэр, бигэргэтэр    Эмискэ өйдүүр,              Сааһылыыр,
                            сэрэйэр              бэрээдэктиир

Биллэн турар,         Арба, өстүбэһи,      Холобур(а), атыннык
кырдьык, ама дуо,     хата, хор, кырдьык   эттэххэ, чуолаан,
буолумуна, эгэ,       даҕаны, ол иһин      бастакытынан,
дьиҥинэн, чахчы(та).  даҕаны.              тиһэҕэр, иккис
                                           өттүнэн.

Саха тылыгар туттуллар сыһыан тыл манан эрэ бүппэт. Онон сыһыан тыл
саныыр санааны чопчулаан этэргэ, киһиэхэ тиэрдэргэ олус улахан суолта-
лаах, сахалыы кэпсэтии, уус-уран айымньы биир этигэн ньымата буолар.

         192. Сыһыан тылы булан, суолтатын быһаар. Этиини сы-
                   һыан тыла суох аах. Ис хоһооно хайдах уларыйбытын
                   болҕой.

    1. Бэркэ буоллаҕына, биэс-алта мөһөөх барыа. (КУ) 2. Бүгүн-
бэҕэһээ, сураҕа, манна улахан кыргыһыы буолбут дии. (АА) 3. Кыр-
дьыга, атаҕын тэҥниэх киһини сарсыныгар луохтуур кэлэн өрүһүйдэ.
(СО) 4. Оо, саатар эрэ, ол курдук буоллун. (Э) 5. Киһи сөҕүөх, оччоҕо
ити бэйиэт бобуулаах кэриэтэ этэ. (НГ) 6. Ээ, суох доҕор! Хата, кэл
эрэ, манна олор. (НН) 7. Дьэ, бука, хайдах да гыммыттарын иһин
этээйэҕин. (К) 8. Оо, ама, Өндөрөй оҕонньор ис санаатын аныгы
дьоҥҥо биллэриэх-быктарыах киһи буолуо дуо? (ПО)

94
   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99