Page 89 - Саха тыла 7 кылаас
P. 89
КӨМӨ САҤА ЧААСТАРА
Бэйэтэ анал ыйытыыга хоруйдаабат, туспа этии чилиэнэ
буолбат, сүнньүнэн уларыйбат тыл көмө саҥа чааһа буолар.
Саха тылыгар түөрт көмө саҥа чааһа баар: эбиискэ, сыһыан тыл,
дьөһүөл, ситим тыл.
24 §. Эбиискэ — саҥа чааһа
182. Аах. Этии ис хоһооно тоҕо уларыйда?
Коля барбыта.
Коля барбыта дуо?
Коля барбыт даа?
Коля барда ини.
Коля барбыт дии.
Коля барбыт буолбат дуо?!
Коля барбыт буолбаат!
Коля барбыт дуу?
Коля барбыт үһү.
Коля барбыт ээ.
Коля барбыта буолуо.
Коля барбыт үһүө!
Тылга сыстан саҥарар саҥа эбэтэр сыанабыл, онтон кэпсии-
рэҕэ эбиллэн, сыһыан дэгэт суолтатын биэрэр уларыйбат тыл
эбиискэ диэн ааттанар.
Эбиискэ туспа ыйытыыга хоруйдаабат, сыстар тылын кытта этиигэ
биир чилиэн буолар.
89