Page 86 - Саха тыла 7 кылаас
P. 86
билигин сууласпытынан куучча бары тахсан барабыт! / Аны аҕыйах
кэминэн Артыалынан күргүөмнээн Бастыҥ хотуур үлэтигэр Хоруйа
охсо киириэхпит / Робототехника куруһуогар кылааһынан бары сыл-
дьыахпыт. 3. Физика уруогар уопут оҥорорбун аһара астынабын /
Павлов уопутугар ыттары олус сөбүлээн туһанар эбит. 4. Саалаах
үс киһи быыкаайык балаҕаҥҥа соҕотохто тиргиллэ түстүлэр / биир-
дэ баар буола түстэ / эмискэ баар буолла. 5. Илии-илиилэриттэн
ылсан налыччы хаамсан истилэр / Аргыый хаамп эрэ! / Атаҕа оһуор
диэри аргыыйдык хаама сылдьыбыта / Суол бу өттүгэр суоппардар
бытааннык сылдьаллара булгуччу ирдэнэр. 6. Би´иги б³±³спµт утары-
ла´ааччытын усхатык (холкутук, чэпчэкитик, тµргэн µлµгэрдик) кыа-
йан кэбистэ.
С¥БЭ
Áèëèãèí òөðүò ñûһûàò ýáýòýð ñûһûàò òóîõòóóð îííóãàð íóó÷÷à
òûëûí òóðóîðó òûëáààñòààí -òûê ñûһûàðûûíàí үөñêýýáèò ñûһûàòû
òóòòàð êèһè ýëáýýí èһýð. Îíòîí òûë óһóóð, ñûìñûûð.
176. Ускуопка иһигэр ханнык саҥа чааһа бэриллибитий? Он-
тон биирин талан, этиини ситэрэн аах. Ис хоһооно туга
уларыйарын толкуйдаа. Саха тылын үөрүйэҕин тутус.
I. 1. Дьон маны (таба, табатык) өйдүөн наада. 2. Кытаат, (өлүөр,
өлүөрдүк) сырыт. 3. Сааскы чэбдик салгыҥҥа (көҥүллүк, көҥүл)
тыынар кэрэтиэн. 4. Бу эмп киһиэхэ (күүскэ, күүстээхтик) дьайар.
II. 1. Наташа эйэҕэс майгытын ааптар (сатабыллаахтык, сатаан)
көрдөрбүт. 2. Уулуссаҕа (сэрэхтээхтик, сэрэнэн) сылдьар буолуҥ.
3. Олоҕу (кырдьыктаахтык, кырдьыгынан) көрдөрөр наада. 4. Былыр-
гылар ким да буоллун (ытыктабыллаахтык, ытыктаан) кэпсэтэр этилэр.
III. 1. Оҕонньор күүгэһи тоҕо эрэ олус (дьаныардаахтык, дьа-
ныһан туран) бултаһар. 2. Дакылаатчыт итини барытын өрө (көтөҕүл-
лүүлээхтик, көтөҕүллэн туран) кэпсээтэ. 3. Биэчэр (долгутуулаахтык,
киһи долгуйуох курдук) ааста. 4. Сиргэ-тыаҕа (олус кутталлаах-
тык, киһи олус куттаныах курдук) сылдьар эбит. 5. Уол мин диэки
(итэҕэйбэтэхтик, итэҕэйбэт курдук) көрөн кэбистэ.
86