Page 90 - Саха тыла 7 кылаас
P. 90
Саха тылыгар төрүт эбиискэ (аҥаардас эбиискэ эрэ суолтатыгар тут-
туллар) элбэх.
Холобур: аҕай (үчүгэй аҕай), аах (аҕам аах), баҕайы (маннык гынар
баҕайы), баҕас (бу баҕас), даа (кэлиий даа), дуо (барар дуо), илик (бара
илик), да, даҕаны (кырдьык даҕаны), курдук (лоп курдук), ньии (утат-
тахпын ньии), соҕус (кыра соҕус), үһү (кэлэр үһү), эбит (турар эбит),
эрэ (ким эрэ).
Ону таһынан атын саҥа чааһын эбиискэ суолтатыгар туттуохха сөп.
Холобур: аат төрүттээх эбиискэ — аата, аймах, бэрт, доҕор, дуома, киһи,
муҥнаах, обургу, сыыһа, эрэйдээх, ханнык; туохтуур төрүттээх эбиискэ —
баара, баҕарар, буола-буола, буолан, буолбаат, диэтэх, кэлиэ дуо, муҥу-
таан, туран, диэбиккэ дылы, о.д.а.
Эбиискэ бэйэтэ уларыйбат. Ол гынан баран, этиигэ элбэх ахсаан,
түһүк эбэтэр кэпсиирэ сыһыарыытын ылыан сөп.
Холобур: 1. Оҕом сыыһа кэлээхтээтэ. Оҕом сыыһыгар үүт иһэр-
диэм. Оҕом сыыһыттан харыстыам дуо? Оҕолорум сыыстара үчүгэй-
дик эрэ олордуннар. 2. Мин бүгүн барар үһүбүн, онтон эн сарсын ба-
рар үһүгүн.
183. Аах. Бэлиэтэммит тылтан хайата бэйэмньи суолталаа-
ҕын, хайата эбиискэ буоларын ыйытыы көмөтүнэн
быһаар.
1. Эдьиийим балыыһаҕа оҕотун көрдөрө барда. Мааппа кыый-
мыт үүт оҕотун иһэ түстэ. (К) 2. Ийэҥ эрэйдээх онно да үөрбүт
үһү. (ЛП) Олоҕуҥ эрэйдээх түгэннэригэр тулуурдаах буола үөрэн.
3. Бэрт модьу-таҕа быһыылаах киһи туста киирдэ. Соҕотоҕун кини
эрэ кэлиэн баҕарар быһыылаах. (АА) 4. Эн ханнык кинигэни ордук
сөбүлээтиҥ? Оҕом эксээмэнин үчүгэйдик туттардар ханнык. 5. Бү-
гүн мунньах буолбат дуо? Оттон бэҕэһээ буолар диэбиттэрэ буолбат
дуо? 6. Дьоммут ардахха сытыйан кэллилэр. Быһа саккырыы сы-
тыйан, хаһан тохтуур ардах буолла. 7. Балтым дискотекаҕа барыан
баҕарар. Кини сааһыгар ким баҕарар үҥкүүнү сөбүлүүр. 8. Обургу
о±олор сайыны ту´алаахтык атаардылар. О±ом обургу µлэтин эрдэ
бµтэрэн кэбиспитэ.
1. Бөҕө, доҕор, киһи диэн тылы бэйэмньи суолтаҕа уонна эбиискэ
оҥорон иккилии этиитэ толкуйдааҥ.
2. Литэрэтиирэ уруогар аахпыт айымньыгытыттан эбиискэлээх этии-
лэрдэ булу². Эбиискэ±итин бэйэмньи суолта±а туттан этиитэ о²ору².
90