Page 93 - Саха тыла 7 кылаас
P. 93
25 §. Сыһыан тыл — саҥа чааһа
189. Этиилэри аах. Туох уратылаахтар дии санаатыҥ? Тоҕо?
Хата, мин биэһи ыллым. Бэл, мин биэһи ыллым. Арааһа, мин
биэһи ыллым.
Саҥарар киһи этэр санаатыгар бэйэтин сыһыанын көр-
дөрөр, туспа ыйытыыга хоруйдаабат тыл сыһыан тыл (мо-
дальное слово) диэн ааттанар.
Сыһыан тыл уларыйбат, этии чилиэнэ буолбат. Этиигэ соппутуойу-
нан араарыллан, кыбытык тыл буолар.
Холобур: Хата, уруокпун оҥоро олорууһубун. Былыр саха өйүн,
оннооҕор, ыраахтааҕы хайҕаабыт эбээт. (АА) Хор, ол курдук барыны
бары сүбэлэһэн оҥорор куолута.
Сыһыан тыл маннык үөскүүр:
1) атын саҥа чааһын суолтата көһөр: кырдьык, холобур, дьолго,
сураҕа, бастакытынан, сатаммат, хайыай;
2) тыл ситимэ таастыйар: биллэн турар, киһи аһыныах, хомойуох
иһин, мин санаабар, хайа муҥун, бастатан туран, туох-ханнык ин-
нинэ, холоон ини.
190. Аах. Бэлиэтэммит тылтан хайата бэйэмньи суолталаа-
ҕын, хайата сыһыан тыл буоларын ыйытыы көмөтүнэн
быһаар.
1. Таня, кырдьык, үчүгэй кыыс. Кырдьык куруук кыайа туруо.
2. Ахсаан дьиэтээҕи үлэтигэр икки эрэ холобур баар. Холобур,
бэрэпиэссэр Н.Н. Тобуруокап маннык көрүүлээх. 3. Киһи дьолго тар-
дыһара биллэр суол. Дьолго, ырааппатах эбит. 4. Сыһыан тыл араа-
һа элбэх. Эн, арааһа, ону билбэккин быһыылаах. 6. Кыыс ити тыл-
тан улаханнык саатар. Саатар, эн миигин аһыммаккын. 7. Бу тылы
көстөрүн курдук улахан буукубанан суруйуохха. Көстөрүн курдук,
ити бэйэҕиттэн тутулуктаах. 8. Бу сүгэни ыл. Ыл, нохоо, көмөлөс.
191. Баҕар, сураҕа, иккиһинэн диэн тылы бэйэмньи суолтаҕа
уонна сыһыан тыл оҥорон иккилии этиитэ толкуйдааҥ.
93