Page 92 - Саха тыла 7 кылаас
P. 92

185. Саха суруйааччылара туттар этиилэрин аах. Эбиискэ-
                   ни бул. Суолтатын быһаар. Этиини иккиһин эбиискэтэ
                   суох аах. Ис хоһооно уларыйбытын болҕой.

    1. Ыстапааным эрэйдээх төһө эрэ тоҥон, эрэйдэнэн иһээхтиир.
(А) 2. Көмүлүөк барахсан куолутунан эмиэ күллэ-салла, үөрдэ-көттө.
(АА) 3. Тоойуом, биир илиигинэн тутаргын биэрэбин дуу, икки ытыс-
кынан ыларгын дуу? (НГ) 4. Үчүгэй, эрэл доҕордоох диэн улахан дьол
быһыылаах. (Софр.Д) 5. — Арыый ама соҕус буоллум ээ, — диэбитэ
кини. — Чэйдэ кутан кулу эрэ! (НЯ) 6. Харыйа иһигэр киэҥ баҕайы
өтөх баар. 7. Хааппыла да ардах Халлаантан түспэт дии, Былыты, ар-
даҕы, Быалааммын соһуом дуо? (ПТ) 8. Былыр сааһыт аҕыйаҕар манна
хаас бөҕө саараабыт сирэ. Ол иһин Хаастаах диэн ааттаабыттара үһү.
9. Бултуйбут киһи утуйбат баҕайыта. (РК) 10. О, төрөөбүт арыы тыам,
дьэ, симэммиккин, киэргэммиккин даҕаны! (СО)

         186. Аах. Эбиискэтин уларытан көр. Этии ис хоһооно хайдах
                   уларыйда? Эбиискэ суолтатын туһунан санааҕын эт.

    1. Убайым барахсан кэллэ (муҥнаах, эрэйдээх, обургу, баҕайы,
киһи, дуома). 2. Дойдум уларыйбыт даҕаны (аҕай, сүрдээх, сүрүн,
бэрт, бэрдин, олуһун, ньии). 3. Хайдах гыныам буолла (бэйэбиний,
баҕайытай, эбитэй, баарай, муҥуй, үлүгэрий)? 4. Садаача ыарахан
соҕус эбит (баҕайы, диэтэҕиҥ, ахан, бөҕө, буоллаҕай, быһыылаах).

         187. Саҥарар саҥаҕа эбиискэни туттубакка тумнар буолбут-
                   тан эбэтэр дорҕоонун кылгатан саҥарартан туох алҕас
                   тахсарын өйдөөн көр. Сөптөөх эбиискэни туруоран биэр.

    1. Оппуонньа-аа, оонньууга эргийэн кэллиҥ? 2. Дьиэҕэр бараҕын?
3. Эн санааҥ? 4. Оччоҕо хайдах гыныа этэй? Көрдөһөр? Модьуйар?
Албыннаһар? 5. Мусукаалынайга сылдьаҕын? 6. Сурук ыытаҕыт?
7. Оччоҕо мастар тоҥоллор да? Ол иһин саптыҥ да? 8. Хайдах эрэ
ботах до?! 9. Оттон бэйэҥ да сатаан көрбөккүн до ол? 10. — Да,
биһиги хойутаан эрэбит ээ. — Ди! 11. Эн сыыһа суруйбуккун ди.

         188. Уус-уран айымньыттан суруйааччы эбиискэни сатаан
                   туттарын холобурдаан уһул.

92
   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97